Саха сиригэр 10 тыһыынча абоненнарга гааһы араарыахтарын сөп
Саха сирин олохтоохторо тэхиниичэскэй өҥө оҥорууга дуогабар түһэрсибэтэхтэринэн, «Сахатранснефтегаз» хампаанньа гааһы тиэрдиигэ хааччахтыыр дьаһаллары саҕалыырын туһунан иһитиннэрдэ.
«10 тыһыынча абоненнарга гааһы араарыахтарын сөп, – диэн хампаанньа пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр. Гаас оборудованиетыгар тэхиниичэскэй өҥө оҥорууга дуогабары түһэрсии хампаанньата былырыын саҕаламмыта. Саха сиригэр «Сахатранснефтегаз» хампаанньа соҕотох гааһы тиэрдэр тэрилтэ буолбута, атын хампаанньалар дуогабары түһэрсэр бырааптарын сүтэрбиттэрэ.
Санаттахха, гаас оборудованиеларын уонна ситимнэрин туһаныыга куттал суох буолуутун таһымын үрдэтэргэ саҥа дьаһаллар ылыллыбыттара. Кэтэх дьиэттэн уратыта диэн элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ иһинээҕи гаас оборудованиета дьиэ иһигэр уонна кыбартыыра иһигэр баар. Дьиэ иһинээҕини управляющай тэрилтэ, оттон кыбартыыра иһигэр бас билээччилэр хонтуруоллууллар. Онуоха управляющай тэрилтэлэр кыбартыыра хаһаайыттарыгар тэхиничэскэй көрүүгэ дуогабар түһэрсэн, эбии эбээһинэстэри сүктэриэхтэрин сөп.
Дьокуускайга бу эбээһинэһи бас билээччилэр үс управляющай хампаанньаларыгар, «Нова-никольский», «Прометей+» уонна «Якутпромсервис» управляющай тэрилтэлэргэ, сүктэрбиттэрэ. Ол курдук, бүгүн киин куорат үрдүнэн 10 тыһыынча кыбартыыра хаһаайыттара тэхиниичэскэй хааччыйыыга дуогабара суох олороллор. «Сахатранснефтегаз» АХ гааһы тэхиниичэскэй хааччыйыыга сулууспатын начаалынньыга Александр Чупров этэринэн, бигэргэммит бэрээдэгинэн аҥардас бу өттүнэн гааһы биэрии тохтотуллуон сөп.
Ону сэргэ «Сахатранснефтегаз» хампаанньа бас билээччилэргэ дуогабардары түһэрсиигэ суут нөҥүө күһэйии дьыалатын тэрийэр. Билиҥҥи туругунан суут быһаарыытынан 50-тан тахса абонен туһааннаах дуогабары түһэрсэргэ, ону сэргэ суут ороскуотун төлүүргэ сорудахтанна.
Дуогабар түһэрсиигэ куотунар гражданнарга 1000-2 000 солк. диэри; дуоһунастаах дьоҥҥо 5000- 20000 солк.; юридическай сирэйдэргэ 40000-тан 100000 солк. диэри административнай ыстараап көрүллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: