Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Саха сиригэр муус харыыта ыам ыйыгар хайдах күн-дьыл турарыттан тутулуктаах. Ленскэй оройуонун диэки Өлүөнэ өрүс эстиитэ ыам ыйын бастакы дэкээдэтигэр, Өлүөхүмэҕэ, Хаҥаласка, Намҥа уонна Дьокуускайга ыам ыйын иккис дэкээдэтигэр, Кэбээйигэ ыам ыйын иккис дэкээдэтин бүтүүтэ буолара сабаҕаланар. Итиэннэ ыам ыйын иккис дэкээдэтин устата Алдан, Бүлүү, Амма өрүстэр эстиэхтэрэ диэн Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин сүрүн управлениетын Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр.
Хоту уонна хотугулуу-илин өрүстэргэ өрүс хамсааһына ыам ыйын бүтүүтэ, бэс ыйын саҕаланыыта буолара күүтүллэр. Арай, Зырянка бөһүөлэгин таһынан Халыма өрүс ыам ыйын ортото хамсыаҕа диэн биэдэмистибэ иһитиннэрэр.
Амма, Чурапчы, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Хаҥалас, Алдан, Уус Маайа, Томпо, Уус Алдан, Бүлүү, Өймөкөөн, Аллараа Халыма, Анаабыр улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннара ууга баран кутталлаах зонаҕа киирэллэр диэн иһитиннэриигэ суруллубут.
«Дальний Восток – Земля приключений» куонкуруска “Тропами Победы” (“Кыайыы ыллыгынан”) диэн саҥа номинация баар буолла.…
Саха сиринээҕи ИДьМ наркотигы хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ бобуулаах веществолары сокуона суох тарҕатыыга уорбаланар 30 саастаах…
Леонид Попов аатынан Сунтаар улуустааҕы библиотекатын айымньылаах үлэтин биир бэлиэ көстүүтүнэн үгэс курдук ыытыллар “Сунтаар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн түгэннэриттэн биирдэстэринэн «Батыйа - эр хоһуун санаа уонна үрдүк таһым бэлиэтэ»…
Нерюнгригэ Олоҥхо ыһыаҕар түөрт сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүгэ саҕаламмыт «Олоҥхону ааҕабыт» бырайыак салҕанна. Үгэс курдук, бырайыагы…
Саха сиригэр 1 тииптээх саахарынай диабеттаах 2-17 саастаах оҕолор сыл бастакы аҥаарыгар глюкоза тиһигин быспат…