Саха сиригэр 100-тэн тахса эдэр ыал 50 тыһ. солк. суумалаах өйөбүлү ыллылар
15.03.2024, 15:00
sakha.gov.ru хаартыската.
Бөлөххө киир:
Владимир Путин Арассыыйаҕа биллэрбит Дьиэ кэргэн сылын бастакы ыйдарыгар Саха сирин 100-тэн тахса эдэр ыала 50 тыһыынча солкуобай суумалаах өйөбүлү ылла. Бу өйөбүлү 25 саастарыгар диэри ыал буолбут эдэр дьон ылаллар.
Судаарыстыба баһылыгын быһаарыныытынан үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ ипотеканы сабарга диэн 450 тыһ.солк. кээмэйдээх төлөбүр көрүллэр. Бу көмөнөн 2030 сылга диэри туһаныахха сөп.
Саха сиригэр хас бэһис ыал элбэх оҕолоох. Өрөспүүбүлүкэ оҕо төрөөһүнүнэн Уһук Илиҥҥэ бастакы, Арассыыйаҕа ахсыс кэккэҕэ сылдьар. Ол иһин Саха сирин олохтоохторо «Дьиэ кэргэн» диэн саҥа национальнай бырайыагы Дойду Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбитин үөрэ ылыннылар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: