Салгыы
Саха сиригэр 11 Доруобуйа киинэ үлэлиир

Саха сиригэр 11 Доруобуйа киинэ үлэлиир

16.09.2024, 18:00
Хаартыска: А.Сорокин (СИА)
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 16-20 күннэригэр Саха сиригэр пациеннарга куттала суох буолуу нэдиэлэтэ ыытыллар. Бу тэрээһин пациеннарга куттала суох буолуу аан дойдутааҕы күнүн чэрчитинэн ыытыллар.

Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, бу нэдиэлэ сүрүн тэрээһининэн стратегическай сиэссийэ буолуоҕа. Манна 200-тэн тахса исписэлиис уонна кылаабынай быраас кыттара былааннанар.

Маны тэҥэ, бу нэдиэлэ чэрчитинэн, Доруобуйа кииннэрин үлэлэрин сырдатыы күүһүрүөҕэ. «Здоровая Россия» федеральнай бырагырааманан Саха сиригэр маннык 11 киин, ол иһигэр 2 оҕо киинэ аһыллыбыта. Бу кииннэр сүрүннээн чөл олоҕу, чэгиэн буолууну тарҕаталлар, сырдаталлар.

Ааспыт сыл сэттэ ыйын түмүгүнэн, Доруобуйа кииннэригэр 13 тыһыынчаттан тахса киһи көрдөрүммүт. Хас биирдиилэригэр чэгиэн буоларга, сөпкө аһыырга, хамсанарга, о.д.а. сүбэ-ама бэриллибит.

Доруобуйа киинигэр барарга ОМС полиһын уонна пааспары илдьэ бараҕыт. 40-45 мүнүүтэнэн көрөн бүтэллэр. Өҥөнү оҥоруу босхо.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 95% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: