Салгыы
Саха сиригэр 11 мууһунан айан суола аһыллан турар

Саха сиригэр 11 мууһунан айан суола аһыллан турар

30.11.2024, 16:57
Хаартыска: СӨ Суол управлениета.
Бөлөххө киир:

Саха сирин үрдүнэн уопсайа кыһын устата 47 мууһунан айан суола аһыллыахтаах, онтон бүгүҥҥү туругунан 11-н сыры көҥүллэнэн турар диэн ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ол курдук сэтинньи ый ортотуттан Муома улууһугар муниципальнай суолталаах Индикирка өрүһүнэн «Хонуу – Буор Сыһыы» (10 туонна), Муома үрэҕинэн «Хонуу – Соболох» (3 туонна),  Эдьигээн улууһугар Стрекаловка үрэҕинэн «Эдьигээн – Аэропорт» (5 туонна), Амма улууһугар Амма өрүскэ «Амма – Чакыр» (3 туонна), «Амма – Уус Маайа» (3 туонна), Өлөөн улууһугар Оленек өрүһүнэн «Оленек – Харыйалаах» (5 туонна), Сунтаар улууһугар Бүлүү өрүһүнэн «Сунтаар –Устье» (4 туонна), Үөһээ Халымаҕа Ясачнай өрүһүнэн «Зырянка – Затон» (3 туонна), Өлүөнэ өрүһүнэн өрөспүүбүлкэтээҕи суолталаах «Хатас – Павловскай» (5 туонна), Хаҥалас улууһунан «Покровскай – Күөрдэм» (3 туонна), «Мохсоҕоллоох – Хачыкаат» хайысхатынан мууһунан айан суола аһыллан турар.

Атын өрүстэринэн халлаан тымныйдаҕына, ахсынньы ортотуттан мууһунан айан сырыыта аһыллара былааннанар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: