Салгыы
Саха сиригэр 11 ойуур баһаарын умуруордулар

Саха сиригэр 11 ойуур баһаарын умуруордулар

Ааптар:
01.07.2023, 17:00
Андрей Сорокин (СИА) хаартыската
Бөлөххө киир:

Ааспыт суукка иһигэр Саха сиригэр 531 га иэннээх 11 ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ суһал ыстааба иһитиннэрэр. 

От ыйын 1 күнүгэр сарсыарда уопсайа 39 757,4 га иэннээх 63 ойуур баһаара баар.

Билигин барыта 5 522,4 га иэннээх 22 ойуур баһаарын уон оройуоҥҥа умуруораллар. Ол курдук, Алдаҥҥа — 3, Бүлүүгэ — 2, Үөһээ Халымаҕа — 1, Мэҥэ Хаҥаласка — 1, Өймөкөөҥҥө — 5, Өлүөхүмэҕэ — 3, Сунтаарга — 1, Тааттаҕа — 1, Уус Алдаҥҥа — 1, Уус Маайаҕа — 4.

Ону таһынан 458 га иэннээх ландшафтнай баһаар баара бэлиэтэнэр.

Уоту утары охсуһууга 502 киһи уонна 18 тиэхиньикэ үлэлииллэр.

Абыйга, Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ, Мииринэйгэ, Эбээн Бытантайга баһаартан сэрэхтээх буолуу эрэсиимэ турар.

Уус Маайаҕа ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ ылынна.

Бары сонуннар
Салгыы
12 июля
  • 26°C
  • Ощущается: 26°Влажность: 41% Скорость ветра: 7 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: