Саха сиригэр 12 ойуур уотун умуруордулар

Share

Ойуур уотун умуруорууга  1 536 киһи үлэлиир. Бу туһунан СӨ бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников брифиҥҥэ эттэ.

Уоту умуруорууга 58 тиэхиньикэ уонна авиация үлэлииллэр. Тоҕус бөртөлүөт уоту умулларыыга үлэлиир, 4 сөмөлүөт баһаары кэтээн көрүүгэ сылдьар. Оттон өрөбүллэргэ зондировщик-сөмөлүөт Өлүөхүмэҕэ үлэлээтэ.

Суукка устатыгар уопсайа  3 542,2 га иэннээх сиринэн тайаабыт 12 баһаары умуруордулар. Оттон  1 607,5 га иэннээх сири хаппыт 8 ойуур баһаара булулунна.

Күн саҕаланыаҕыттан 127 ойуур баһаара ( иэнэ 366 883,3 га) уонна 1 ландшафтнай (2,2 га иэннээх) баһаар бэлиэтэммиттэр.

Билиҥҥи туругунан 60 баһаары (260 тыһ га) умуруорууга үлэ ыытыллар. Итинтэн 8 (уопсайа 3,5 тыһ га) бохсуллубут.

Дьокуускай куорат, киин, өрүс уҥуор уонна Бүлүү бөлөх оройуоннар буруонан бүрүлүннүлэр.  Бу Амур уобалаһын уонна Хабаровскай кыраай диэкиттэн, ону таһынан Саха сирин соҕуруулуу-илин өттүттэн тыалырарынан диэн быһаарар маны Дмитрий Садовников.

Суһал ыстааптан иһитиннэрэллэринэн, ойуур баһаарын сезона саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 742 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 1,4 тыһ га) бэлиэтэммит. 2021 сыллаахха бу кэмҥэ 1472 ойуур баһаара (6,1 мөл га) бэлиэтэнэн турар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago