Салгыы
Саха сиригэр 12 оскуола тутуллан бүтүөҕэ

Саха сиригэр 12 оскуола тутуллан бүтүөҕэ

03.10.2024, 13:24
Сахагов хаартыската
Бөлөххө киир:

Быйылгы сылга үлэҕэ киириэхтээх үөрэх эбийиэктэрин тутууну СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников көрдө.

Дьокуускайга быйыл 4 оскуола киириэҕэ:  ДСК түөлбэҕэ 990 миэстэлээх оскуола, 29 №-дээх оскуолаҕа салҕааһын тутуу, 550 миэстэлээх адаптивнай үөрэх комплекса, Дьокуускайдааҕы кадеттар интэринээт-оскуолалара. Жатайга 360 миэстэлээх оскуола киирэрэ күүтүллэр.

Саха сирин оройуоннарыгар үөрэх эбийиэктэрэ эмиэ тутуллаллар. Ол курдук, Таатта оройуонун Ытык Күөлүгэр 100 миэстэлээх интэринээттээх 450 миэстэлээх оскуола, Мииринэйгэ – 1 №-дэх оскуола иккис куорпуһа.

Ону тэҥэ Ньурба оройуонун Үөдэй, Амма оройуонун Мээндиги, Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьы, Хаҥалас оройуонун Төхтүр сэлиэнньэлэригэр тутуллаллар.

Сунтаар сэлиэнньэтигэр 450 миэстэлээх оскуоланы тутуу 2025 сылга көһөрүлүннэ. Нам сэлиэнньэтигэр 450 миэстэлээх оскуола, Дьокуускайга 180 миэстэлээх 4 №-дээх коррекционнай орто оскуола уонна Амма сэлиэнньэтигэр 100 миэстэлэх интэринээттээх 360 оҕо үөрэниэхтээх оскуолатын киллэриллэр болдьохторо уһуон сөп.

Үгүс эбийиэктэр Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин көҕүлээбит “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагынан тутуллаллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 октября
  • 5°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 65% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: