Саха сиригэр 13 саҥа оскуоланы үлэҕэ киллэрии былааннанар
2025 сылга Саха сиригэр 13 саҥа оскуоланы үлэҕэ киллэриини былаанныыллар диэн иһитиннэрэр СӨ Үөрэҕин, билимин министиэристибэтэ.
Дьокуускай куоракка 6 оскуола тутуута түмүктэниэ:
-ДСК түөлбэтигэр 990 миэстэлээх оскуола;
-143 кыбартаалга 180 миэстэлээх 4 №-дээх оскуола;
-адаптивнай үөрэх комплекса (150 миэстэлээх интэринээттээх 550 миэстэлээх оскуола уонна 200 миэстэлээх уһуйаан);
-253 үөрэнээччигэ аналлаах 1 №-дээх оскуола;
-203 кыбартаалга «Глобальнай үөрэхтээһин киинэ» гимназияҕа эбии дьиэ;
— Саха политехническэй лиссиэйгэ эбии дьиэ.
Саха сирин улуустарыгар 7 эбийиэк үлэҕэ киириэ:
-Сунтаар улууһугар Сунтаар сэл. 450 миэстэлээх лиссиэй;
-Нам улууһун Нам сэл. 450 миэстэлээх оскуола;
-Амма улууһун Амма сэл. 100 миэстэлээх интэринээттээх, 360 үөрэнээччигэ сөптөөх лицей;
-Өлүөхүмэ улууһун Заречнай бөһ. 60 миэстэлээх оскуола;
-Өймөкөөн улууһун Үчүгэй сэл. 60 миэстэлээх оскуола;
-Нерюнгри оройуонун Чульман бөһ. 350 миэстэлээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата;
-Хаҥалас улууһун Мохсоҕоллоох бөһ. орто оскуолатыгар 450 үөрэнээччигэ аналлаах салҕааһын үлэҕэ киириэ.
Бу туһунан иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: