Саха сиригэр 14 ойуур баһаара умуруоруллубут

Share

Бу туһунан ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэргэ уонна суох оҥорорго, баһаартан сэрэхтээх буолууга хамыыһыйа мунньаҕар этилиннэ.

Суукка саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 14 ойуур баһаара умуруоруллубут (уот хаппыт иэнэ 10 831 га) уонна 10 баһаар бохсуллубут (уот хаппыт иэнэ 42 тыһ.га).

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 81 ойуур баһаара 16 улууска баар. Уоту умуруорууга 1576 киһи, 150 тиэхиньикэ үлэлиир. Ону сэргэ авиация уоту умуруорааччылары таһар, уоту кэтээн көрөр, — диэн иһитиннэрэр СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников.

Ойуур баһаарын умуруоруу үлэтин туһунан Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ иһитиннэриилэри оҥордулар.

Ойуур уотун кэтээн көрүүгэ, ботурууллааһыҥҥа 9 салгын аала үлэлиир, умуруорууга Ми-8  тоҕус бөртөлүөт көтөр. Бе-200 Ленскэй улууһугар үлэлиир.

Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ салҕанар. Ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Горнай, Кэбээйи, Сунтаар, Ленскэй, Өлүөхүмэ улуустарыгар биллэриллибитэ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

7 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

7 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

7 часов ago