Өрөспүүбүлүкэҕэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар култуура 150-ча тэрээһинэ ыытыллыаҕа.
Ол туһунан Саха сирин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Турантаева Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын социальнай ситимнэригэр быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.
Сүрүн түгэнинэн бэс ыйын 4-5 күннэригэр Нерюнгри улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕа буолуоҕа. Ыһыах ыытыллар былаһааккаларыгар дойдуну көмүскээччилэр чиэстэригэр олоҥхо иһиллиэҕэ, ону таһынан элбэх омуктаах эрэгийиэн устуоруйатын уонна үгэстэрин билиһиннэриэхтэрэ. Манна устуоруктар, кыраайы үөэтээччилэр уонна Нерюнгри куорат бастакы тутааччылара кыттыахтара.
«Өрөспүүбүлэкэҕэ 18-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии көхтөөхтүк саҕаланар. Олунньу 5-7 күннэригэр Нерюнгрига “Эпостан култууралыын кэпсэтиигэ” научнай-методическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа. Быйылгы тэрээһин өрөспүүбүлүкэ эрэ таһымнаах буолуо суоҕа, дойду үгүс эрэгийиэниттэн наука эйгэтин 200-тэн тахса бэрэстэбиитэлэ кыттыан баҕарарын туһунан иһитиннэрдэ”, — диэтэ Мария Турантаева.
Бэс ыйын 13-14 күннэригэр Дьокуускайга “Орто дойдуга” дойду элбэх омуктаах норуотун түмсүүлэрин бөҕөргөтүүгэ ананар XXV федеральнай Сабантуй буолуоҕа.
Быйыл Сунтаар улууһугар бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыытыллар Ыһыах Сергей Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 125 сылыгар ананыаҕа.
Сыл биир чаҕылхай түгэнинэн аан дойдуга биллэр скульптор Даши Намдаков быыстапката буолуоҕа. Быыстапка Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр мусуойга олунньу 7 күнүттэн балаҕан ыйын 14 күнүгэр диэри көрдөрүллүөҕэ.
2025 сылга “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыак “Дьиэ кэргэн сыаннастара уонна култуура инфраструктурата” эрэгийиэннээҕи бырайыагын чэрчитинэн Национальнай бибилэтиэкэ, Хаҥалас улууһун Покровскайыгар “Саргы түһүлгэтэ” култуура уонна норуот айымньытын дьиэтэ, Абый улууһун Үрүҥ Хайатыгар оҕо ускуустубатын оскуолата, П.А.Ойуунускай аатынан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын мусуойа саҥардыллыахтара.
Ону сэргэ Горнай, Уус Алдан уонна Мииринэй улуустарыгар 3 модельнай бибилэтиэкэ тэриллиэҕэ.
Оҕо ускуустубатын 7 оскуолата Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү Национальнай тыйаатыра, Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун мусуойа, А.Саввин аатынан Чурапчытааҕы устуоруйа уонна этнография мусуойа муусука үнүстүрүмүөннэринэн, үөрэх литературатынан хааччылыннылар.
Дьокуускайга В.А.Босиков аатынан Муусука үрдүкү оскуолатын саҥа куорпуһун тутуу салҕанар. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээҕэр уонна Сунтаар улууһун Кириэстээҕэр Култуура сайдыытын кииннэрэ аһыллыахтара. Ону таһынан күһүн Судаарыстыбаннас күнүгэр Эпос уонна ускуустуба Арктикатааҕы киинин арыйыахтара.
Быйыл дойдубут Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыайыы 80 сылын бэлиэтиир. 2025 сыл Арассыыйаҕа Дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи, өрөспүүбүлүкэ култуураларын тэрилтэлэригэр Устуоруйа өйдөбүнньүгүн сылларынан биллэрилиннэ.
Саха сириттэн 63 саастаах биэнсийэлээх дьахтар мэдииссинэ фирмата тэрийбит түөкүннээһин схематын сиэртибэтинэн буолла. Дьахтар 900…
Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Ленинград куорат 872 күннээх өстөөх ытарчатын тулуйбута. Бу ытык сир көмүскэлигэр…
Бу анал байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин үйэтитиигэ туһуламмыт көҕүлээһин ааптардарынан «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» пуонда уонна Москватааҕы…
Куйаар ситимигэр нейросеть Аҕа дойду Улуу Сэриитин саллааттарыгар анаммыт пааматынньыктары тилиннэрбитин тарҕаттылар. Нейросеть хараҕынан пааматынньыктар…
Дьокуускайга быраастар 70 саастаах дьахтар оһоҕоһуттан үс абрикос фруктаны хостоон таһаарбыттар. Дьахтар балыыһаҕа абрикостары ыйыстан,…
Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр кыбаас доруобуйаҕа туһалааҕын билэн, хас биирдии ыалга араас ырысыабынан дьикти утаҕы оҥостон…