Саха сиригэр 20 тыһыынчаттан тахса биэнсийэлээх киһи сынньаммыт сирдэригэр кэлэ-бара  айаннарын ороскуотун төлөттөрдүлэр

Share

2024 сыл саҕаланыаҕыттан сынньаммыт сирдэригэр кэлэ-бара  айаннарын ороскуотун 20005 биэнсийэлээх киһи төлөттөрдө диэн Саха сиринээҕи Арассыыйа Социальнай Пуондатын салаатын управляющайа Марина Герман иһитиннэрдэ.

“15877 киһиэхэ ороскуоттарын толуйдубут, оттон  Хоту сиргэ олорор 4128 биэнсийэлээхтэр анал толуон ыллылар. Бу манна 467 мөл. солк. ананна”, — диэн кини кэпсээтэ.

Салаа управляющайа этэринэн маннык кэмпэнсээссийэни ылар быраап Уһук Хоту сиргэ олорор, үлэлээбэт, саастарынан эбэтэр инбэлииккэ тахсыбыттарынан страховой биэнсийэни ылар биэнсийэлээхтэргэ баар. Кэмпэнсээссийэни сылга биирдэ ылыахха сөп.

“Толуону ыларыгар биэнсийэлээх киһи айанныан иннинэ хайаан да  элбэх функцияны толорор кииҥҥэ эбэтэр олорор сиринэн Социальнай пуонда салаатыгар килийиэннэр сулууспаларыгар тиийэн, сайабылыанньа биэриэн наада. Толуонунан ылыллар билиэт СФР Салаатын кытта судаарыстыбаннай хантараагы түһэрсибит авиахампаанньаҕа эрэ оҥоһуллуон сөп. Маны тэҥэ хайа баҕарар хайысханан айанныырга тимир суол тырааныспарыгар эмиэ анал толуон бэриллэр”, — диэн быһаарда Марина Герман.

Ороскуотун төлөтөрүгэр биэнсийэлээх кэлэ-бара айаннаабыт докумуоннарыгар сыһыаран,  ханна сынньаммытын ыйан туран сайабылыанньа суруйар итиэннэ элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ,  олорор сиринэн Социальнай пуонда салаатыгар килийиэннэр сулууспаларыгар, буостаҕа эбэтэр Госуслуги порталга  биэриэхтээх. Сынньаммыт сиригэр кэлэ-бара бэйэтин тус тырааныспарынан сылдьыбыт буоллаҕына, тырааныспар пааспарын, уматыгын төлөөбүт чиэктэрин, тимир суолунан сылдьыбыт буоллаҕына, “Арассыыйа тимир суоллара” ААУо-тан айанын төлөбүрэ төһөтүн туһунан ыспыраапканы көрдөрүөхтээх.

Арассыыйа тас өттүгэр тахсыбыт буоллаҕына, кэмпэнсээссийэ кыраныыссаҕа диэри төлөнөр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

5 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

5 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

6 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

6 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

7 часов ago