Саха сиригэр 2023 сылга 11 тыһыынчаттан тахса оҕо төрөөбүт

Share

2023 сылга Саха сиригэр  11 087 оҕо күн сирин көрбүт, ол иһигэр 5 627 уол уонна  5 460 кыыс.  

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ЗАГС управлениетын чахчыларынан,  уолаттары ордук Матвей, Тимур, Александр, Максим, Марк, Мирон, Артём, Владимир, Михаил, Роман диэн ааттаабыттар.

Уолаттар истэригэр сэдэх ааттар — Аким, Вадим, Гаврил, Демид, Леонид, Никита, Платон, Родион, Святослав, Трофим.

2023 сылга кыргыттарга ордук киэҥник тарҕаммыт ааттар: София, Виктория, Ева, Мичийэ, Анна, Алиса, Амелия, Амина, Варвара уонна  Мия.

Кыргыттарга сэдэх ааттар —  Алексия, Вилена, Есения, Ксения, Лера, Майя Нина, Олеся, Снежана уонна  Яна.

Саха сирэ төрөөһүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ лиидэр буолар. Оттон киһи олоҕун орто уһуна Арассыыйа орто көрдөрүүтүн куоһаран, 73,5 сылга тэҥнэстэ.

Оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмө миэрэлэрин, ол иһигэр дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыак көмөтүнэн, 2023 сыл бэс ыйыгар Саха сирин нэһилиэнньэтин ахсаана 1 мөлүйүөн киһиэхэ тиийбитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

35 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

15 часов ago