Саха сирэ 2024 сыл бүтүөр диэри олорор дьиэни киллэриигэ историческай рекорду олохтуоҕа
16.12.2024, 14:34
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Быйыл Саха сирэ историческай рекорду олохтуоҕа- 750 тыһ. кв.м. олорор дьиэни туттарар соруктаах.
Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 16 күнүгэр «Прямой разговор» биэрии кэмигэр кэпсээтэ.
«Сыл бүтүөр диэри Саха сиригэр 750 тыһ. кв.м. олорор дьиэ тутуллуоҕа, оччотугар өрөспүүбүлүкэ историческай рекорду олохтуоҕа. Урут өрөспүүбүлүкэҕэ маннык тутуу кээмэйэ суох этэ. Бүтэһик рекорд сэбиэскэй кэмҥэ олохтоммута, сыыспат буоллахпына, 744 тыһ. кв.м. Онон бу эрэгийиэҥҥэ тутуу комплексын эйгэтигэр улахан ситиһии», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Ол эрээри, 2025 сылга тутуу эйгэтэ ыарахаттары көрсөр буолан үлэ тохтотуллубатын бэлиэтээтэ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: