Салгыы
Саха сиригэр 2024 сылга элбэх оҕолоох ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыыга 500 мөл солкуобай көрүлүннэ

Саха сиригэр 2024 сылга элбэх оҕолоох ыаллары олорор дьиэнэн хааччыйыыга 500 мөл солкуобай көрүлүннэ

15.07.2024, 19:00
Бөлөххө киир:

2024 сылга Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 119 элбэх оҕолоох ыалы олорор дьиэнэн хааччыйыыга 500 мөл солк. көрүлүннэ, диэн өрөспүүбүлүкэ тутууга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа элбэх оҕолоох ыал саҥа нуорманан, уопсастыбаҕа баайынан уонна көҕүлээччинэн буолуохтаах диэн соругу туруорбута. Үс, түөрт уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар үрдүк статустаналлар, онон судаарыстыба өттүттэн өйөбүлүнэн туһаныахтаахтар.

2012 сылтан 2023 сылга диэри Саха сиригэр олорор усулуобуйаларын элбэх оҕолоох 600 ыал тупсарбыта. Олохтоох салайыныы уорганнара 13222 сир учаастагын биэрдилэр.

8381 учаастак — уоттаах, 4260 учаастак- гаастаах. Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн бу сыалга быйыл 352,7 мөл солк. көрүллүбүтэ, 2025 сылга 247,2 мөл солк. былааннаммыта.

2025 сыл бүтүөр диэри Саха сиригэр 929 учаастагы уотунан, 785 учаастагы гааһынан, 54 учаастагы сылааһынан хааччыйыахтаахтар.

Санаттахха, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев 2024 сыл муус устар 26 күнүгэр “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх оҕолоох ыаллары социальнай өйөбүл эбии миэрэлэрин туһунан” Ыйаахха илии баттаабыта. Бу ыйаах элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн  олоҕун тупсарыахтаах.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: