Салгыы
Саха сиригэр 2024 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ бигэргэннэ

Саха сиригэр 2024 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ бигэргэннэ

24.08.2023, 19:05
Хаартыска: Мария Васильева (СИА).
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга биирдиилээн киһиэхэ уонна нэһилиэнньэ сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтөрүнэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ быһаарылынна.

2023 сылы кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү, ортотунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 6,1 % эбиллибит. Туһааннаах быһаарыыны бүгүн, атырдьах ыйын 24 күнүгэр, Андрей Тарасенко бэрэссэдээтэллээх СӨ Бырабыыталыстыбатын мунньаҕар ылыннылар. Саха сиригэр кэлэр сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ маннык: нэһилиэнньэ дууһатыгар тиксэр ахсаана – 23 034 солк., үлэлиир нэһилиэнньэҕэ – 25 107 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 19 809 солк., оҕолорго – 23 598 рублей.

Арктика улуустара киирэр I бөлөххө нэһилиэнньэ дууһатыгар тиксэр ахсаана 26 950 солк. тэҥнэһэр, үлэлиир дьоҥҥо – 29 375 солк., биэнсиэйэлээхтэргэ – 23 177 солк., оҕолорго – 27 610 солк.

Киин улуустар уонна Дьокуускай куорат киирсэр II бөлөххө нэһилиэнньэ дууһатыгар тиксэр ахсаана 22 573 солк., үлэлиир дьоҥҥо – 24 605 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 19 413 солк., оҕолорго – 23 126 солк. ьАаспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, биирдиилээн киһиэхэ өрөспүүбүлүкэҕэ 6,1 % эбэтэр 1 328 солк. эбиллибит.

Санатан эттэххэ, тиийинэн олоруу алын кээмэйэ кыра дохуоттаах дьоҥҥо судаарыстыбаннай социальнай көмөнү уонна эрэгийиэннээҕи социальнай бырагыраамалары оҥорууга, олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин олоҕун таһымын сыаналыырга туһаныллар.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 июля
  • 20°C
  • Ощущается: 20°Влажность: 77% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: