Саха сиригэр 2025 сыл туох сылынан биллэриллиэҕэй?
Саха сиригэр үгэс быһыытынан сыл ахсын Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр сыл тутаах хайысхатын тиэмэтин биллэрэр. Бу сырыыга 2025 сыл туох сылынан биллэриллиэҕэй?
Биллэрин курдук, 2025 сылга сүрүн бырааһынньыгынан Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит, ол туһунан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Астанаҕа ыытыллыбыт Холбоһуктаах судаарыстыбалар баһылыктарын Сэбиэтин мунньаҕар иһитиннэрбитэ. Ол эрээри бу сырыыга дойду баһылыга нацизмы утары охсуһуу биир сомоҕо буолуу көрүҥүн тутаах хайысханан быһаарбыта.
Сыл ахсын сыл сүрүн тиэмэтин биллэрии үгэһэ быданнаата. Ил Дархан Айсен Николаев сыл биир хайысхатын тиэмэтин талыы көмөтүнэн, Ил Түмэн уонна Бырабыыталыстыба үлэтин көрүҥүн быһаарар уонна бу хайысханан үчүгэй түмүктэри ситиһэргэ уопсастыбаннас болҕомтотун тардар.
Кэнники биэс сыллааҕы холобурдары аҕалар буоллахха:
- 2000 сыл — Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сыла – ыччакка патриоттуу сыһыаны, ийэ дойдуну таптыырга күүһүрдэргэ соруктаммыта;
- 2021 сыл – Доруобуйа сыла — доруобуйа харыстабылыгар саҥардыы үлэтин күүһүрдэргэ, инфраструктуратын сайыннарыыга анаммыта;
- 2022 сыл – Ийэ сыла — ийэ буолуу социальнай статуһун үрдэтэр сыаллаах ылыныллыбыта;
- 2023 сыл — Үлэ сыла – үлэ престиһин үрдэтэргэ туһуламмыта;
- 2024 сыл – Оҕо саас сыла — оҕолор чөл олохторун тула түмсэргэ ыҥырыы этиллибитэ.
Оттон эһиил Саха сиригэр дойду үрдүнэн 2025 сылга сүрүн соругунан гражданнары, оҕолору, ыччаты патриотическай иитиигэ уонна чуолаан Арассыыйа устуоруйатын, пааматынньыктарын үөрэтиигэ интэриэстэрин тардыыга туһуламмытынан Улуу Кыайыы 80 сылыгар сыһыаннаах буолуон сөп.
Оттон Арассыыйа үрдүнэн кэлэр 2025 сыл нацизмы утары охсуһуу тиэмэтигэр ананыан сөп. Билиҥҥи олоххо бу биһиги дойдубут уопсастыбата эрэ буолбакка, аан дойду бүттүүнэ болҕомтотун ууруохтаах биир саамай сүрүн тиэмэнэн буолар. Ол иһин норуоттар икки ардыларыгар нацизмы утары охсуһуу сылын тэрийэр туһунан этиини Азербайджан, Армения, Беларусь, Таджикистан, Туркменистан, Узбекистан дойдуларын лидердэрэ кыттыылаах мунньахха көтөхпүттэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: