Саха сиригэр 2025 сылга биир кэлим босуобуйа кээмэйэ хайдах уларыйарый?

Share

2025 сылга Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 23 034 солкуобайтан 26 777 солк. диэри улаатыаҕа. Ол кэнниттэн оҕо күүтэр дьахталлар босуобуйаларын кээмэйэ эмиэ улаатыа.

Өрөспүүбүлүкэ оройуоннарынан төлөбүрдэр кээмэйин ааҕыы Саха сирин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр эрэгийиэнээҕи порталыгар e-yakutia.ru. таҕыспыта.

Биир кэлим босуобуйа 50, 75 эбэтэр 100% дьиэ кэргэн дохуотуттан көрөн Саха сирин тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн ааҕыллар. Төлөбүр 12 нэдиэлэҕэ диэри эрдэ учуокка турбут оҕо күүтэр дьахталларга, 17-гэр диэри саастаах оҕолорго ананар. Оттон оҕо күүтэр ийэлэргэ босуобуйа ааҕыллыытыгар үлэлиир дьон, оттон оҕолорго муҥуутуур тиийинэн олоруу алын кээмэйэ ылыллар.

Оҕо босуобуйатын кээмэйэ (1 зона/2 зона)

Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 100% – 30 390 солк./25 455 солк.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 75 % – 22 792 солк./ 19 091 солк.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 50% – 15 345 солк./ 12 727 солк.

Оҕо күүтэр дьахталларга босуобуйа кээмэйэ (1 зона/2 зона)

Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 100% – 34 149 солк. / 28 603 солк.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 75 % –25 611, 75 солк. / 21 452, 25 солк.
Тиийинэнолоруу алын кээмэйиттэн 50% –17 074, 05 солк. / 14 301, 05 солк.

Үлэлии турар быраабыла чэрчитинэн, босуобуйа 12 ый устата ананар. Бу болдьоҕу ааста да, босуобуйа бэриллиитэ тохтуур. Босуобуйа бэриллиитин салгыы өссө биир сылга уһаттарар туһуттан сайабылыанньаны саҥаттан биэриэххэ наада. Ону эрдэттэн, ый инниттэн биэрэр ордук.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Эҥсиэли алгыстаах Оһуокайа

Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, өрөбүллээҕи Оһуокайбытыгар Эҥсиэли түмсүүтүттэн инники кэскиллэрбит, ыччаттар киирэн алгыстаах Оһуокай түһүлгэтин…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олох очурдара: Сүтэрсибит сүрэхтэр…

Оо, улуу көстүү! Очуос таас үрдүттэн харах ыларынан улуу өрүс иэнэ нэлэһийэр, халлааны кытта силбэһэн,…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Александр Захаров: «Тыйаатыр – ыра санаам туолуута»

2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар үлэлии кэлбит кэнники көлүөнэ “щепкинэцтэри” көрөөччүлэр хайыы үйэ…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күөсчүт – дириҥ силистээх идэ

Киһи аймах туой иһити неолит кэмиттэн, саҥа таас үйэттэн оҥостор, туттар буолбут. Саха омук даҕаны…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кураанахха ипотека харчытын төлүүллэр: Күлүү гыммыт курдук, 334 солк. төнүннэрдэ…

2021  сыллаахха  түөрт оҕолоох Даниловтар дьиэ кэргэн Уһук Илиҥҥи ипотека бырагырааматыгар киирсэн уһаайба атыыласпыттара, «Килбиэнстрой»…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Интервью
  • Сонуннар

Буойун-суруналыыс “Zиппо”

Хаһыаппыт бүгүҥҥү ыалдьыта, дьоруойдуу быһыы, бойобуой доҕордоһуу диэн тугун бэркэ билэр, биһиги биир идэлээхпит, кэллиэгэбит,…

7 часов ago