Саха сиригэр 2025 сылга бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ
Саха сиригэр тус сыаллаах категория үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ 2025 сылга 18 млрд 900 мөл. солк. көрүллүөҕэ.
Бу туһунан алтынньы 22 күнүгэр Саха сирин Үп миниистирин эбээһинэһин толорооччу Иван Алексеев Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ бүддьүтүөн туһунан сокуон барылын дьүүллэһиигэ иһитиннэрдэ.
Иван Алексеев этэринэн, 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн доруобуйа, үөрэх, социальнай эйгэ уонна култуура үлэһиттэрин хамнастара үрдүөҕэ. Ону тэҥэ муҥутуур алын хамнас кээмэйин таһымыгар хамнас — 16,6%, атын категорияларга — 5,7% үрдэтии көрүллэрэ былааннанар.
2025 сылга уонна 2026-2027 былааннаах кэмҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөт туһунан сокуон барыла Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар бастакы ааҕыыга ылылынна. Докумуон федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуоннар ирдэбиллэригэр сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна.
Миниистир эбээһинэһин толорооччу этэринэн, 2025 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөт дохуоттаах чааһа 291,3 млрд солк. тэҥнэһэр уонна 2024 сыллааҕы көрдөрүүттэн намыһах. Федеральнай бүддьүөттэн үп-харчы сорҕото, ол иһигэр бүддьүөт хааччыллыытыгар көрүллэр дотация эрэгийиэҥҥэ тиэрдиллэ илик. Бу суума бүддьүөт иккис ааҕыытын чэрчитинэн сүрүн хайысхаларынан түҥэтиллиэҕэ.
«Маны таһынан 2025 сылтан дойдуга 19 саҥа национальнай бырайыактар үлэҕэ киирэллэр. Билигин үбүлээһин мэхэньииһимэ быһаарыллар, онон субъектарынан үп-харчы көрүллэ илик. Үп-харчы киирбитин кэннэ, биһиги бүддьүөппүтүгэр киллэриэхпит», — диэтэ Иван Алексеев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: