Хаартыска: М.Васильева (ЯСИА)
Арассыыйаҕа эһиилгиттэн хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) 20,7% үрдээн, 27 093 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр, 80% бырыһыаннаах эбилик толору төлөнөр буоллаҕына, хамнас алын кээмэйэ 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн оройуон коэффициена 1,7 буолар сирдэргэ — 67 733 солкуобай, оттон 2,0 буолар сирдэргэ — 75 861 солкуобай буолуоҕа. Бу туһунан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэн тас экэниэмикэ эйгэтин үлэ биэрээччилэригэр хамнас алын кээмэйэ федеральнай таһымҥа бигэргэтиллибит МРОТ-тан оройуон коэффициеннарын уонна бырыһыаннаах эбиликтэри учуоттаан олохтонор. Итиэннэ, хамнас алын кээмэйэ Саха сиригэр үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ аналлаах тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах. Бу кээмэй 2026 сылга 31 172 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
СӨ Үлэҕэ министиэристибэтэ бэлиэтииринэн, үлэ биэрээччи сокуон быһыытынан толору үлэ күнүнэн үлэлиир үлэһиттэригэр эрэгийиэннээҕи бары коэффициеннары уонна эбиликтэри ааҕан, бигэргэтиллибит федеральнай МРОТ-тан намыһаҕа суох хамнаһы төлүүргэ эбээһинэстээх. Оттон толорута суох үлэ күнүнэн эбэтэр атын үлэни кытта дьүөрэлээн үлэлиир үлэһиттэргэ хамнас үлэлээбит кэмнэригэр сөп түбэһиннэрэн ааҕыллан төлөнөр.
2025 сыл бүтэрэ чугаһаата. Куорат уонна улуустар олохтоохторо дьиэ-уот, хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлөөн, саҥа сылы…
ИДьМ Ленскэй оройуонун салаатын дьуһуурунай чааһыгар араас эчэйиини ылбыт эр киһини балыыһаҕа укпуттарын туһунан иһитиннэрии…
«HITS Production» устубут «КСБ: Как стать боссом» диэн сахалыы кэмиэдьийэтэ премьераттан бастакы өрөбүллэригэр 10 086 770…
Политолог Чокуур Гаврильев быһаарар.
“Уһук Илин сулуһа” бириэмийэни туттарыыга быйыл Уһук Илиҥҥэ, Арктикаҕа үлэлиир 150-тан тахса уопсастыбаннай уонна инвестиционнай…
Сарсыарда эрдэ уһугуннарар, күнү быһа улуйар, киэһэ утуйар уугун көтүтэр. Бу эһиги тус көмөлөһөөччүгүт буолбатах,…