Саха сиригэр 21 ойуур баһаара умуруорулунна

Share

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 59 590 га иэннээх сири хаппыт ойуур баһаара умуруорулунна.

Бу туһунан СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Авиациянан уонна космическай кэтээн көрүүнэн уопсайа 23,4 га иэннээх сири хаппыт түөрт ойуур баһаара булулунна.

«Уоту утары охсуһуу түмүгүнэн уопсайа 59 590 га иэннээх сири хаппыт 21 ойуур баһаара умуруорулунна. Бу Алдан,  Бүлүү, Кэбээйи, Мииринэй, Муома улуустарыгар, тоҕус баһаар Нерюнгригэ, Өлүөхүмэҕэ, Томпоҕо уонна Дьокуускай куоракка. Оттон уопсайа 49 533 га иэннээх сири хаппыт 16  ойуур баһаара бохсулунна. Бу Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Уус Маайа улуустарыгар«, — диэн этэр Андрей Коноплев.

Ойуур уотун умуруорууга 1 789 киһи, 137 тиэхиньикэ үлэлиир.

Бүгүн «Атмосфера» Ан-26 зондировщик салгын аала Өлүөхүмэҕэ көтөрө былааннанар.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимнэрэ салҕаналлар. Маны сэргэ, муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Бүлүү, Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Ленскэй, Уус Маайа, Өлүөхүмэ улуустарыгар салҕанар.

Бэс ыйын 26 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ойуур баһаарын утары ураты эрэсиим киллэриллибитэ, онон сибээстээн ойуурга тахсыы хааччахтаммыта.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago