Саха сиригэр 220 улаатан эрэр оҕо «Таежный герой» байыаннай-спортивнай оонньууга кытынна

Share

Бүгүн Дьокуускайга үс күннээх «Таежный герой» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-спортивнай оонньуулар түмүктэнэллэр. Оонньууга 12-17 саастарыгар диэри саастаах 220 оҕо кытынна диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу туһунан Аҕа дойдуну көмүскээччилэр дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Лена Иванова брифиҥҥэ кэпсээтэ.

«Дьокуускай куораттааҕы оҕо киинэ байыаннай-спортивнай оонньуулары ыыппыта 13 сыла буолла. Бу тэрээһини патриотическай иитиигэ тустаах тэрилтэлэр бары өйүүллэр. Оонньуулар билигин ИДьМ бэлэмниир киинин баазатыгар ыытылла тураллар. «Таежные герои» оонньууга Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Горнайтан, Намтан, Хаҥаластан, Уус Алдантан, Чурапчыттан кытта сылдьаллар. Бу оҕолор үгүстэрин аҕалара анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьаллар», – диэтэ Лена Иванова.

«Таежные герои» байыаннай-спортивнай оонньуулар ыччат көҕүн үрдэтэргэ, чөл олоҕу тарҕатарга, ыксаллаах быһыыга-майгыга хайдах дьаһанар дьоҕурун үөскэтиигэ сыаллаахтар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago