Саха сиригэр 230 үлэ үөрүйэҕэр үөрэнээччи уонна 132 уһуйааччы төлөбүрү туһаннылар

Share

Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан эдэр исписэлиистэр үлэ үөрүйэҕэр үөрэнэр бырагыраамалара олоххо киириэҕиттэн, 360-тан тахса эдэр киһи уонна уһуйааччы харчынан өйөбүлү туһанна. Төлөбүр кээмэйэ үлэ үөрүйэҕин ааһааччыга (стажировкаланааччы) ыйга 19 тыһ. солк., оттон кинини үөрэтэр маастарга – 9,5 тыһ. солк.   

Өйөбүл бу көрүҥүн Мииринэй, Алдан, Ленскэй, Нерюнгри, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын уонна Дьокуускай куорат үлэ үөрүйэҕэр холонооччулара туһаналлар.

Үбүлээһин “2020-2024 сс. СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар көмөлөһүү” судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэриигэ туһаайыллыбыт өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар көрүллэр.

2022 сыл түмүгүнэн 37 сыһыарыллыбыт уһуйааччылаах 40 эдэр исписэлиискэ үлэҕэ үөрүйэҕи маннык тэрилтэлэр тэрийбиттэр: «АЛРОСА» АХ,  «Сахатранснефтегаз» АУо, «Золото Селигдара» АУо, «Саха сирин тимир суоллара» АХ, «Жилсервис» ХЭУо, «Управление муниципальной собственностью и закупками Нерюнгринского района» тэрилтэ, ИП «Илларионов Д.В.», «Бухгалтер» фирма ХЭУо,  «Теремок» уһуйаан, Ленскэй куорат 1-кы нүөмэрдээх оскуолата, «Алданнааҕы киин балыыһа».

Эдэр исписэлиистэр силиэсэр-сантехник,  үөрэх чааһын сэкирэтээрэ, тьютор, производственнай үөрэх маастара, инженер, таһаҕас тиэйэр массыына суоппарын үөрэнээччитэ, инженер-гидрогеолог, химическэй анаалыс 4-с эрэсэрээттээх лабараана курдук дуоһунастарга үлэлииргэ үөрэммиттэр.

Санатан эттэххэ, үлэ үөрүйэҕэр үөрэтиини, эдэр исписэлиистэр ылбыт идэлэригэр сатабыл, уопут иҥэринэллэрин, ону тэҥэ, баар вакансияларынан уонна саҥа үлэ миэстэлэринэн үлэҕэ киирэллэрин туһугар тэриллэр. Тустаах бырагыраамаҕа 35-гэр диэри саастаах дьон кыттыахтарын сөп.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

47 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago