Саха сиригэр 2300-тэн тахса байыас мэдиссиинэ көмөтүн туһаннылар
Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин быраастара байыаннайдарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр мэдиссиинэ көмөтүн оҥороллор.
Билигин мэдиссиинэ көмөтө 2340 кыттааччыга оҥоһулунна, кинилэртэн стационарнайдык — 593, атына — амбулаторнайдык. Бу туһунан алтынньы 23 күнүгэр Саха сирин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ көмөтүн тэрийии департаменын салайааччыта Дьулустаан Чичахов иһитиннэрдэ.
«Мэдиссиинэ реабилитациятын 267 байыас туһанна. 546 байыаннай сулууспалаахтарга психотерапевтическай уонна психиатрическай мэдиссиинэ көмөтө оңоһулунна. Быйыл муус устар 6 күнүттэн диспансеризациялааһын анал бырагыраамата үлэлиир. Тэрээһини Саха сирин мэдиссиинэ тэрилтэлэрин бастакы звенолара хас субуота ахсын ыыталлар. Биир күн иһигэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтара бары чинчийиилэри уонна исписэлиистэр консультацияларын ааһыахтарын сөп. Быйыл сэрэтэр дьаһалларынан барыта 632 киһи ааста», — диэн кэпсиир Дьулустаан Чичахов. Кини этэринэн, анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан саха быраастара саҥа территориялар олохтоохторугар мэдииссинэ көмөтүн оҥорорго мэлдьи тахсалларын бэлиэтээтэ. Бу үлэ Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан ыытыллар.
«Докучаевскайга үлэ саҕаланыаҕыттан 473 эппэрээссиийэ ыытыллыбыт. Офтальмологтар 120 эппэрээссийэни, травматолог уонна хирург быраастара 343 эппэрээссийэни ыыттылар. Быраастар түүннэри-күнүстэри хирургическай отделениеларынан суһаллык ыарыһахтары көрөллөр, 50% ыарыһахтартан байыаннай дьайыы кыттыылаахтара көрдөрүнэллэр», — диэн Дьулустаан Чичахов бэлиэтээтэ.
Саха быраастара Докучаевскай куорат нэһилиэнньэтигэр көмөнү эрэ буолбакка, куорат киин балыыһатын исписэлиистэрин кытта ыкса үлэлэһэллэр. Билиҥҥи кэмҥэ миэстэтигэр хирург уонна реаниматолог быраастар үлэлииллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: