24 ойуур баһаара умуруорулунна
Ойуур уотун умуруорууга 1 456 киһи уонна 81 анал көлө үлэлиир.
Ааспыт сууккаҕа 23 ойуур баһаара умуруоруллубут, уот хаппыт уопсай иэнэ 87 тыһ. гектартан тахса уонна 1 ландшафтнай баһаар (уот сиэбит уопсай иэнэ 6 тыһ. гект. тахса) умуруоруллубута бэлиэтэнэр. Бу туһунан бүгүн, бэс ыйын 29 күнүгэр, брифиҥҥэ СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистри солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Суукка устатыгар Горнай, Дьааҥы, Орто Халыма уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 6 ойуур баһаара бохсуллубут. Ол кэмҥэ салгын аалынан уонна космическай кэтээн көрүү түмүгүнэн, ойуурга 11 саҥа баһаар баара биллибит. Уопсай иэнэ 900,5 га.
Эрэгийиэҥҥэ ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ. Ыксаллаах быһыы-майгы олохтоох таһымҥа Үөһээ Халыма, Уус Маайа, Орто Халыма, Томпо, Өлүөхүмэ улуустарыгар салҕанар.
Саха сиригэр бэс ыйын 26 күнүгэр баһаары утары ураты эрэсиим биллэриллибитэ. Чуолаан, үлэни кытары сибээһэ суох, ойуурга сылдьыы бобуллубута.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: