Салгыы
Саха сиригэр 250 тулаайах оҕо дьиэнэн хааччыллыаҕа

Саха сиригэр 250 тулаайах оҕо дьиэнэн хааччыллыаҕа

05.02.2024, 16:10
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Быйыл Саха сиригэр 250 тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕо дьиэнэн хаачыллыаҕа диэн өрөспүүбүлүкэ Тутууга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.  

Бу сылга субвенция кээмэйэ 840 мөл. 438 тыһ. солк. тэҥнэһиэҕэ, ол иһигэр 140 мөл. солк. тахса суума дойду хааһынатыттан көрүллүөҕэ.

Көрүллүбүт сууманы 250 олорор дьиэни ыларга хантараак түһэрсэргэ 18 улууска үллэрэр былааннанар, ол иһигэр саҥа дьиэҕэ (первичный рынок) 415 мөл. солк. тахса суумаҕа 153 кыбартыыраны, эрдэтээҥҥи дьиэлэргэ (вторичный рынок) 132 мөл. солк. тахса суумаҕа 32 кыбартыыраны ыларга, ону тэҥэ, 292 мөл. солк. тахса суумаҕа 65 дьиэ сэртипикээтин биэрэргэ”, — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмистибэ баһылыга Виктор Романов иһитиннэрэр.

“Тулаайах оҕолору уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраама олоххо киириитин үлэтин Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна дойду Бырабыыталыстыбата ураты хонтуруолга тутар. Тустаах бырагыраама иитинэн Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр икки элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ.

2022 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн Саха сиригэр дьиэ сэртипикээттэрин көрүү мэхэниисимэ саҕаламмыта. Бу сэртипикээти киһи бэйэтэ талан хамсаабат баайга-дуолга атастаһыан сөп. Саҥаны киллэрии уочараты аҕыйатта итиэннэ тулаайах оҕолор дьиэнэн хааччыллар бырааптара олоххо киириитин түргэтэттэ.

Ааспыт сылга Саха сиригэр 424 тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕо дьиэнэн хааччыллыбыта. 2019-2023 сылларга, уопсайа, 2218 киһи дьиэни уонна сэртипикээти ылбыт.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
17 сентября
  • -2°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 86% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: