Быйыл Саха сиригэр 250 тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕо дьиэнэн хаачыллыаҕа диэн өрөспүүбүлүкэ Тутууга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Бу сылга субвенция кээмэйэ 840 мөл. 438 тыһ. солк. тэҥнэһиэҕэ, ол иһигэр 140 мөл. солк. тахса суума дойду хааһынатыттан көрүллүөҕэ.
“Көрүллүбүт сууманы 250 олорор дьиэни ыларга хантараак түһэрсэргэ 18 улууска үллэрэр былааннанар, ол иһигэр саҥа дьиэҕэ (первичный рынок) 415 мөл. солк. тахса суумаҕа 153 кыбартыыраны, эрдэтээҥҥи дьиэлэргэ (вторичный рынок) 132 мөл. солк. тахса суумаҕа 32 кыбартыыраны ыларга, ону тэҥэ, 292 мөл. солк. тахса суумаҕа 65 дьиэ сэртипикээтин биэрэргэ”, — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмистибэ баһылыга Виктор Романов иһитиннэрэр.
“Тулаайах оҕолору уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйыы” бырагыраама олоххо киириитин үлэтин Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уонна дойду Бырабыыталыстыбата ураты хонтуруолга тутар. Тустаах бырагыраама иитинэн Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр икки элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ.
2022 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн Саха сиригэр дьиэ сэртипикээттэрин көрүү мэхэниисимэ саҕаламмыта. Бу сэртипикээти киһи бэйэтэ талан хамсаабат баайга-дуолга атастаһыан сөп. Саҥаны киллэрии уочараты аҕыйатта итиэннэ тулаайах оҕолор дьиэнэн хааччыллар бырааптара олоххо киириитин түргэтэттэ.
Ааспыт сылга Саха сиригэр 424 тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕо дьиэнэн хааччыллыбыта. 2019-2023 сылларга, уопсайа, 2218 киһи дьиэни уонна сэртипикээти ылбыт.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…