Саха сиригэр 27 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа
16.08.2023, 18:00
Хаартыскаҕа Айтана Аммосова түһэриитэ.
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ киин уонна арҕаа өттүгэр салгын температурата 27 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа. Ол туһунан Гидрометкиин салайааччыта Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ.
«Бу күннэргэ Ленскэй оройуонугар Байкалтан сылаас циклон кэлиэҕэ. Онон арҕаа уонна киин оройуоннарга салгын температурата +22…+27 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа, сөҥүү түһэн бүтүөҕэ», — диэтэ Татьяна Маршалик.
Итиэннэ атырдьах ыйын 17 күнүгэр Ленскэйгэ, Өлөөҥҥө, Усуйаанаҕа уонна Өймөкөөҥҥө быстах ардах түһэрэ сабаҕаланар. Ленскэйгэ этиҥнээх ардах кэлиэҕэ. Этиҥ кэмигэр тыал сөкүүндэҕэ 15-17 миэтирэ түргэннээх буолуоҕа.
Дьокуускайга сарсын сөҥүүтэ суох күн туруоҕа. Күнүс +24 кыраадыс сылаас буолуоҕа.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: