Салгыы
Саха сиригэр 2953 биэнсийэлээх эбии төлөбүрү ылар

Саха сиригэр 2953 биэнсийэлээх эбии төлөбүрү ылар

15.07.2024, 16:24
Хаартыска: Мария Васильева (СИА)
Бөлөххө киир:

 Тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан аҕыйаҕа суох кэм устата үлэлээбит дьоҥҥо 2019 сылтан эбии төлөбүр төлөнөр. 2024 сылга Саха сиригэр маннык төлөбүрү 2953 биэнсийэлээх ылар диэн Социальнай пуонда салаата иһитиннэрэр.

Бу төлөбүр кээмэйэ страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрүн 25%-гар тэҥнэһэр. 2024 сылга бу төлөбүр кээмэйэ 2033,72 солкуобай буолар, 3-с группалаах инбэлииттэргэ – 1016,86 солкуобай.

Өскөтүн биэнсийэлээх куоракка көһөн олорор да буоллаҕына, бу төлөбүрүн ылар. Маннык уларытыы 2022 сылтан киирбитэ. Саамай сүрүнэ, тыа хаһаайыстыбатыгар араас идэлэргэ 30 сыл үлэлээбит буолуохтаах. Ону тэҥэ, билиҥҥи кэмҥэ үлэлээбэт буоллаҕына, бу төлөбүр төлөнөр.

Бу төлөбүрү ылыан сөптөөх дьон испииһэктэригэр 500-тэн тахса идэ баар. Бу идэлэри РФ бырабыыталыстыбата бигэргэппитэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: