Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин уонна куораттааҕы уокуруктарын баһылыктарын кытары сүөһү аһылыгын бэлэмниир хампаанньатын мунньаҕын кэмигэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местниковка иһитиннэрдилэр.
Саха сиригэр билигин 298 414 туонна от бэлэмнэммит, ол эбэтэр былаан 68 %- на туолбут. Саха сирин үрдүнэн оттооһуҥҥа барыллаан былаанынан 389 тыһ. туонна от бэлэмнэниэхтээх, ол иһигэр мобильнай биригээдэлэринэн 32 тыһ. туонна от. Маны таһынан мунньах кыттыылаахтара былырыыҥҥыттан от тобоҕо хаалбытын бэлиэтээтилэр.
Өрөспүүбүлүкэ 28 муниципальнай тэриллиитигэр уонна 2 куораттааҕы тэриллиилэргэ от бэлэмнээһин үлэтэ барар. Күн бүгүн 281 774 гектар ходуһа охсуллубут, онно 298 414 туонна от, ону таһынан хаһаайыстыбаларынан 0,88 тыһ. туонна сенаж уонна 2,9 тыһ. туонна сиилэс бэлэмнэммит.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров этэринэн, сүөһү аһылыгын, сенаһы уонна сиилэһи бэлэмнээһиҥҥэ муниципальнай бырагыраамалары эбии үбүлээһиҥҥэ судаарыстыбаннай бүддьүөттэн субсидия көрүллүбүт.
Мунньах түмүгүнэн Сергей Местников Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр уонна муниципальнай оройуоннарынан мобильнай биригээдэлэри тэрийиигэ эбии үлэлэри ыытарга сорудахтаата.
Саха сиригэр от бэлэмнээһиҥҥэ барыта 21 079 киһи үлэлиир уонна 9 тыһ. тахса тыраахтыр туһаныллар. Былаантан 80%-тан ордук оту Нам, Ньурба, Хаҥалас уонна Орто Халыма улуустара бэлэмнээбиттэр.
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…