Саха сиригэр 3000 гектар иэннээх ойуур баһаарын умуруораллар

Саха сиригэр 3000 гектар иэннээх ойуур баһаарын умуруораллар

Ааптар:
31.05.2025, 11:34
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ыам ыйын 31 күнүгэр Дьааҥы, Муома, Нерюнгри, Өймөкөөн, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа уонна Эбээн Бытантай оройуоннарыгар 15 ойуур баһаара регистрацияланна.

Уоту 205 киһи уонна 28 тиэхиньикэ умуруораллар. Бу туһунан Экология министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу кэм саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 105 ойуур баһаарын умуруорбуттар.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии иһин 83 боротокуол оҥоһуллубут, 40 киһи бурудааҕынан ааҕыллыбыт.

Бүгүҥҥү күҥҥэ ураты баһаарынай эрэсиим Дьааҥы уонна Уус Алдан оройуоннарын территорияларыгар, ону тэҥэ Усть-Илимск уонна Дьокуускай куораттарга үлэлиир.

Ыксаллаах быһыы-майгы эрэссиимэ Уус Алдан оройуонугар биллэриллибит.

Бары сонуннар
Салгыы
1 июня
  • 11°C
  • Ощущается: 10°Влажность: 58% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: