Саха сиригэр 31 дьахтар «Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыт

Share

Саха сиригэр «Дьоруой Ийэ» бэлиэни 2017 сылтан биэрэр буолбуттара. Бу кэмтэн ыла 31 дьахтар «Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. 

«Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн 10-тан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит уонна Саха сиригэр 15 сылтан аҕыйаҕа суох сыл олорбут ийэлэр наҕараадаланаллар. Кыра оҕото 1 сааһын туолбут, бары оҕолоро 2000 сыл кэнниттэн төрөөбүт буолуохтаахтар. Наҕараадаҕа эбии 1 мөлүйүөн солкуобайдаах бириэмийэ бэриллэр.

Маны тэҥэ, оҕону иитиигэ уһулуччу үтүөлээх ийэлэргэ «Ийэҕэ үрдүк махтал» бэлиэ (100 тыһыынча солкуобай бириэмийэлээх), «Ийэ Албан аата» I, II, III  истиэпэннээх бэлиэ бэриллэр.

«Ийэ Албан аата» бэлиэни кытта, истиэпэниттэн көрөн, 100-300 тыһыынча солкуобай бириэмийэлээх, бу бэлиэнэн 7-9 оҕолоох ийэлэр наҕараадаланаллар. Манна күнүскү үөрэххэ үөрэнэ сылдьар, 23 саастарын туола илик, ону тэҥэ, сокуонунан иитиэх оҕолоро уонна байыаннай иэстэрин толоро сылдьан, киһи олоҕун быыһыы сылдьан өлбүт оҕолоро эмиэ учуоттаналлар.

Уһук Илиҥҥэ саамай үгүс ахсааннаах элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр Саха сиригэр бааллар. Төрөөһүн көрдөрүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ 1-кы миэстэни, Арассыыйаҕа 7-с миэстэни  ылар. Кэнники 5 сылга ийэ буолууну, оҕо аймаҕы өйөөһүҥҥэ үбүлээһин кээмэйэ 5 төгүл үрдээтэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

РФ ыксаллаах быһыыга-майгыга миниистирэ Александр Куренков Саха сиригэр кэлиэҕэ

Нам улууһугар нэһилиэнньэлээх пууннар халаан уутуттан эмсэҕэлээтилэр, билигин даҕаны үгүс дьиэни уу ылан турар. Кэбээйи…

7 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Итирэн баран хаттаан уруулга олорон, массыынатын былдьатта

Удачнай куорат олохтооҕо итирэн баран хаттаан уруулга олорон, массыынатын конфискациялатта. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата…

12 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Айсен Николаев ууга барбыт нэһилиэнньэни кытта көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев "Россия 24" ханаалга быһа эпииргэ тахсан, өрөспүүбүлүкэҕэ халаан туругун туһунан Нам…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ыам ыйын 21 күнэ: киин улуустарга 18 кыраадыска тиийэ сылыйыаҕа

Бүгүн, ыам ыйын 21 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу улуустарыгар сөҥүүлээх, сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Нам улууһугар Бартыһааҥҥа, Үөдэйгэ, Никольскайга уу таһыма кутталлаах көрдөрүүттэн түстэ

Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор куттала суох буолуутун хааччыйыы миниистирин собуйааччы Яна Наумова киэһээҥҥи…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

Түөкүттэр аны үрдүк үөрэххэ киирэргэ бүддьүөт миэстэлэрин атыылаһыҥ дииллэр эбит

Күннээҕи олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр дьон түөкүттэр бааллар эбит. Аны оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕолорго үрдүк…

12 часов ago