Салгыы
Саха сиригэр 34 ойуур баһаара умуруорулунна

Саха сиригэр 34 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар:
30.06.2024, 19:30
Хаартыска-: ЫБММ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 34 ойуур баһаара умуруорулунна. Бу туһунан бэс ыйын 30 күнүгэр СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы  Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Саха сиригэр баһаары умуруорууга 1397 киһи уонна 69 тиэхиньикэ үлэлиир. «Ааспыт сууккаҕа уопсайа 88 923 гектар иэннээх сиргэ 34 ойуур баһаара умуруорулунна», — диэтэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ. Абый, Аллайыаха, Булуҥ, Үөһээ Дьааҥы, Орто Халыма, Горнай, Муома, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Усуйаана уонна Эбээн Бытантай оройуоннарыгар ойуур баһаара тохтотуллубут. Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр көтөр аал уонна космическай кэтээн көрүүнэн 433,5 гектар иэннээх сиргэ 6 ойуур баһаара тохтотулунна.

Бэс ыйын 30 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр 510 553,5 гектар иэннээх сиргэ 138 ойуур  баһаара баар. «Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыксаллаах быһыы-майгы эрэгийиэннээҕи таһымнаах эрэсиимэ  салҕанар. Өлүөхүмэ, Орто Халыма, Томпо, Уус Маайа оройуоннарыгар үлэ салгыы ыытыллар. Бэҕэһээ күнтэн Үөһээ Бүлүү оройуонугар ыксаллаах-быһыы майгы эрэсиимэ биллэрилиннэ», — диэн Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 июля
  • 25°C
  • Ощущается: 25°Влажность: 50% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: