Салгыы
Саха сиригэр 34 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баар

Саха сиригэр 34 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баар

22.03.2024, 17:00
Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр элбэх о5олонуу — былыр-былыргыттан баар үгэс. Онтон билигин элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыба көмөтө элбэх буолан, өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ хас бэһис ыал элбэх оҕолоох. Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох ыал ахсаана эбиллэн иһэр. 2020 сылга 31 562 элбэх оҕолоох ыал баар эбит буоллаҕына, 2021 сылга — 32 899 ыал, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 34 230  ыал баара бэлиэтэммитэ. Кинилэр 118 778 оҕону иитэн, көрөн-истэн, бүөбэйдээн, улаатыннараллар.

Үс оҕолоох ыаллар ахсааннара — 23 290 дьиэ кэргэн, ол эбэтэр, Саха сирин элбэх оҕолоох ыалларын 68 %-ра буолар. Куораттарга уонна тыа сиригэр олорор элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннара тэҥ.

Элбэх оҕолоох ыалларга аймахтаһыы, эһэлэри-эбэлэри кытта чугастык алтыһыы үгэскэ кубулуйар.

Хаартыскаҕа: Тааттан элбэх оҕолоох Игнатьевтар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 апреля
  • -1°C
  • Ощущается: -8°Влажность: 43% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: