Саха сиригэр 34 тыһыынча элбэх оҕолоох ыал баар

Share

Саха сиригэр элбэх о5олонуу — былыр-былыргыттан баар үгэс. Онтон билигин элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыба көмөтө элбэх буолан, өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ хас бэһис ыал элбэх оҕолоох. Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох ыал ахсаана эбиллэн иһэр. 2020 сылга 31 562 элбэх оҕолоох ыал баар эбит буоллаҕына, 2021 сылга — 32 899 ыал, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 34 230  ыал баара бэлиэтэммитэ. Кинилэр 118 778 оҕону иитэн, көрөн-истэн, бүөбэйдээн, улаатыннараллар.

Үс оҕолоох ыаллар ахсааннара — 23 290 дьиэ кэргэн, ол эбэтэр, Саха сирин элбэх оҕолоох ыалларын 68 %-ра буолар. Куораттарга уонна тыа сиригэр олорор элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннара тэҥ.

Элбэх оҕолоох ыалларга аймахтаһыы, эһэлэри-эбэлэри кытта чугастык алтыһыы үгэскэ кубулуйар.

Хаартыскаҕа: Тааттан элбэх оҕолоох Игнатьевтар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой кистэлэҥ таптала

Федор Кузьмич Попов 1921 сыл ахсынньы 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Иккис Баатара нэһилиэгэр Поповтар…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Владимир Путин: “Кыайыы күнэ көлүөнэлэри ситимниир”

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Кыайыы параадын кэмигэр Арассыыйа аан дойду сэриитин таһаарбат туһугар үлэни ыытарын,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Харбалаахха Кыайыы күнүнэн сэргэх тэрээһиннэр ыытылыннылар

Кыайыы диэн тыл сүрэҕи өрүкүппүт, эрэли үөскэппит, үтүөнү түстээбит бэлиэ тыл. Улуу Кыайыы күнүн көрсө…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра драматургияҕа куонкурус түмүктэрин таһаарда

Ыам ыйын 7 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо…

5 часов ago
  • Сонуннар

Саха сиригэр бүттүүн спортивнай хамсааһыны саҕалаабыта

Быйылгы дьыл ыам ыйын 8 күнүгэр Саха сиригэр бүттүүн спортивнай хамсааһыны саҕалаабыт, спорт үгүс көрүҥнэрин…

6 часов ago
  • Сонуннар

Кирилл Бычков Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрин эҕэрдэлээтэ

Улуу Кыайыы күнүгэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр Алексей…

6 часов ago