Хаартыска: СИА.
Саха сиригэр төрөөһүн эбиллэрэ — өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар демографическай бэлиитикэ биир сүрүн соруга буолар. Ол да иһин төрөөһүн көрдөрүүтүгэр Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастакы, Арассыыйаҕа 89 эрэгийиэнтэн сэттис миэстэлээх. Сотору кэминэн Саха сирин олохтооҕун ахсаана 1 мөлүйүөҥҥэ тиийэр чинчилээх.
Ону тэҥэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ахсааннара эбиллэр. 2020 сыллаахха 31 562 элбэх оҕолоох ыал баар эбит буоллаҕына, 2023 сыл тохсунньутугар 34 230 ыал буолбут. Кинилэр оҕолорун ахсаана — уопсайа 118 778. 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр ахсааннара 1331 ыалынан, оҕо ахсаана 6916-нан эбиллибит.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр хастыы оҕолоох буолар эбиттэрий? Үс оҕолоохтор – 23 290 ыал (68%). Кинилэртэн тыа сиригэр олорооччулара — 53,8%, куораттарга — 46,2%.
Кэнники кэмҥэ дьиэ кэргэттэри өйүүргэ, оҕо төрөөһүнүн элбэтэргэ, кэккэ босуобуйалар, төлөбүрдэр бааллар, элбэх оҕолоох ыалларга сир, дьиэ, тырааныспар бэриллэр, тустаах сокуоннар ылыллаллар.
Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата быйыл 2843 киһи сонотуоруйга-куруорка барарыгар айаннарын ороскуотун төлөөтө. 2025…
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт нэдиэлэ түмүгүнэн, Саха сиригэр 8,8 тыһыынча киһи тымныйбыта, тумуулаабыта (ОРВИ) бэлиэтэммит. Бу ол…
Билигин кирэдьииттэрин кэмигэр төлөөбөт, ону ааһан биир да харчыны төлөөбөт дьон бааллар. Суут бириистэптэрин Амма…
"Защитники Отечества" пуонда учуотугар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 198 (байыаннай дьайыы кыттыылааҕа) инбэлиит турар. Сүрүн болҕомто тиэхиньиичэскэй…
Бэҕэһээ “Путь воина” байыаннай-тактическай күрэхтэһиилэр аһыллыылара буолбута. Бүгүн сарсыардаттан икки хамаанда – Саха сириттэн «Боотур»…
Дьокуускайга бэлисипиэтинэн үгүстүк оҕолор уонна эр дьон сылдьалларын көрөбүн. Бүгүн биир саастаах дьахтар бэлисипиэтинэн сылдьарын…