Саха сиригэр 350 тыһ. туонна кэриҥэ от кыстыкка бэлэмнэннэ
Атырдьах ыйын 28 күнүнээҕи туругунан Саха сиригэр 349 тыһыынчаттан тахса туонна от бэлэмнэннэ, ити былаан 80 %-на буолар. Ол туһунан брифиҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэ миниистирин солбуйааччы Сахаяна Павлова иһитиннэрдэ.
Быйылгы сыллааҕы бигэргэтиллибит от былаана 436 тыһ туонна, сиилэс — 28 тыһ туонна, сенаж — 14 тыһ. солк.
“Күн бүгүн 349 тыһ. туонна от бэлэмнэннэ. Бу сыллааҕы былаантан 80 %-на. 9417 туонна сиилэс угулунна, сенаж — 2053 туонна”, – диэн бэлиэтээтэ миниистири солбуйааччы. Сахаяна Павлова этэринэн, сыллааҕы былааны ыраах баар учаастактарга оттуур мобильнай этэрээттэр көмөлөрүнэн хааччыйыахтара.
“Барыллаан ааҕыынан 395 тыһ. туонна от бэлэмнэниэ, ити былаантан 91 бырыһыаны ылар. Ити мобильнай биригээдэлэр 36 тыһ. туонна оту бэлэмнииллэрин учуоттаан туран ааҕылынна. Билигин кинилэр 16 тыһ туонна оту соҕотуопкалаатылар”, – диэтэ спикер.
Хаалбыт өттүн былырыыҥҥы кур отунан сабыахпыт, диир миниистир солбуйааччыта. Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 37 тыһ. туонна от саппааска баар. Онон сыллааҕы былааны 99 бырыһыан толоруу былааннанар. Былааны толорууга үрдүк көрдөрүүлээх иһэллэр: Абый улууһа (97%), Нам (95%), Уус Алдан (94%), Кэбээйи (93%), Хаҥалас (90%), диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: