Салгыы
Саха сиригэр 4 нефтебазаны саҥардыахтара

Саха сиригэр 4 нефтебазаны саҥардыахтара

14.02.2024, 16:00
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр хотугу таһаҕаһы тиэйиигэ уонна ыраах сытар сирдэри хааччыйыыга наадалаах 4 нефтебазаны толору саҥардыы үлэтэ саҕаланыаҕа. Бу туһунан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, бэрэсидьиэн Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев иһитиннэрдэ.

Бу «Саханефтегазсбыт» хампаанньа Белогорскайга, Эдьигээҥҥэ, Уус-Куйгаҕа уонна Хаандыгаҕа баар нефтебазаларын туһунан этиллэр. Бу бырайыак ньиэп-гаас хаһаайыстыбатыгар судаарыстыба-чааһынай партнерство быһыытынан дойдуга бастакы холобур буолар. Манна Уһук Илин концессиятын мэхэньиисимэ туһаныллыаҕа.

— 2022-2023 сылларга Уһук Илин концессиятын чэрчитинэн, 9 эрэгийиэҥҥэ эбийиэктэри тутууга 96 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ. Чугастааҕы үс сылга бу сыалга өссө 165 миллиард солкуобай көрүллэрин бырабыыталыстыба былаанныыр, —  диэн кини эттэ.

Бу концессия мэхэньиисимин быһыытынан, судаарыстыба 10 сыл устата инфраструктура эбийиэгин сууматын  100% толуйар.

«Саханефтегазсбыт» хампаанньаҕа иһитиннэрбиттэринэн, инженернэй, чинчийэр үлэлэр түмүктэнэн, симиэтэ-бырайыак докумуона оҥоһуллан, судаарыстыбаннай эспэртиисэ ыытылларын кэтэһэ сылдьаллар. 4 нефтебазаны толору саҥардыы үлэтин 2026 сыл бүтүөр диэри түмүктүүр былааннаахтар.

«Саханефтегазсбыт» АУо устаабыгар өрөспүүбүлүкэ 100% өлүүлээх, эрэгийиэн стратегическай суолталаах тэрилтэлэриттэн биирдэстэрэ. Хампаанньа Саха сирин хоту-соҕуруу өттүгэр тарҕаммыт 19 филиаллаах (нефтебазалаах). Уматыгы Хотугу муора суолунан, уунан, сиринэн, тимир суолунан тиэйэн аҕалаллар.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -29°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: