Саха сиригэр 40 массыына букатыннаахтык былдьанна

Саха сиригэр 40 массыына букатыннаахтык былдьанна

07.06.2023, 19:45
Хаартыска pxhere.com саайтан
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэҕэ итирик туруктаах сылдьан тырааныспары хаттаан ыытыыга тутуллубут холуобунай дьыалалары көрүүү түмүгүнэн 40 массыына судаарыстыба туһатыгар былдьаммыта бэлиэтэннэ.

Федеральнай сокуон 14.07.2022 258-с №-дээх холуобунай кодексыгар уларытыылар киирдилэр, онно сөп түбэһиннэрэн, буруйданааччы тырааныспарынан сылдьан РФ ХК 264.1, 264.2 эбэтэр 264.3 ыстатыйаларынан буруйу оҥордоҕуна суут бириигэбэригэр олоҕуран тырааныспар сириэстибэтэ судаарыстыба туһатыгар былдьаныахтаах. Ол туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Онон өрөспүүбүлүкэҕэ РФ Холуобунай кодексын 264.1 ыстатыйатынан (итирик туруктаах сылдьан тырааныспары ыытыыны хатылааһын) холуобунай дьыалалары көрүү түмүгэр сууттар судаарыстыба туһатыгар 40 массыынаны былдьыыр туһунан быһаарыыны ылыммыттар. Ол курдук Саха сирин олохтоохторо «Volkswagen Golf», «Ford Focus», «Nissan Avenir», «Toyota Land Cruiser Prado», «Тоyotа Ist», «Toyota Vista», «ВАЗ-213100», «Тоуота Ipsum», «Тоyota Carina», «Toyota Probox», «Toyota Sprinter Carib», снегоход «Буран РМЗ 640» уонна да атын тырааныспартарын букатыннаахтык былдьаппыттар.

Холобур, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун олохтооҕо РФ ХК 264.1 ыст. 2 ч. буруйдаммыт, кини итирик туруктаах сылдьан тутуллан сууттанан баран, тугу оҥорбутун долоҕойугар тохтоппокко, иккистээн итирик туруктаах уруулга олорбут.

РФ ХК 104.1 ыстатыйатын 1 чааһын «д» пуунугар сөп түбэһиннэрэн, судаарыстыба дохуотугар буруйданааччы итирик туруктаах ыыта сылдьыбыт «Toyota Land Cruiser Prado» мааркалаах массыыната былдьаммыт.

Бүгүҥҥү күҥҥэ сокуонунан күүһүгэр киирбит бириигэбэрдэринэн 12 массыына Росимущество Саха сиринээҕи салаатыгар атыыга таһаарарга бэриллибит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: