Саха сиригэр 43 тирэх нэһилиэнньэлээх пууну сайыннарыахтара

Share

Саха сиригэр 43 тирэх нэһилиэнньэлээх пуун инфраструктуратын сайыннарыы бырагыраамата оҥоһуллар. Үлэ тулалыыр эйгэни систиэмэлээхтик тупсарыыга туһуламмыт «Олоххо инфраструктура» саҥа национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

РФ Бэрэсидьиэнин национальнай сайдыы сыалларын туһунан уурааҕынан, 2030 сылга диэри тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарга олоруу хаачыстыбата  30% үрдүөхтээх, оттон 2036 сылга диэри 60% үрдүөхтээх.

Тирэх нэһилиэнньэлээх пууннар биир кэлим федеральнай испииһэктэригэр эрэгийиэннэр агломерациялара уонна административнай кииннэрэ, улахан инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэриигэ кыттыгастаах нэһилиэнньэлээх пууннар, дойду куттала суох буолуутун хааччыйар стратегическай суолталаах сирдэр, онно ыкса сытар нэһилиэнньэлээх пууннар киирэллэр. Федеральнай испииһэккэ  барыта 2160 нэһилиэнньэлээх пуун баарыттан, Саха сириттэн 43 тирэх пуун киирбит.

«Бырагыраама өрөспүүбүлүкэ сир-уот өттүнэн сайдыытыгар сүрүн оруолу ылар сирдэр кэлим сайдыыларын хааччыйар сыаллаах оҥоһуллар. Бу административнай уонна экэнэмиичэскэй кииннэр эрэ буолбакка, олохтоох таһымҥа нэһилиэнньэ куттала суох буолуутун, тырааныспар сибээһин уонна дьарыктаах буолуутун хааччыйар нэһилиэнньэлээх пууннар буолаллар», — диэн экэниэмикэ министиэристибэтэ бэлиэтээтэ.

2024 сыл ахсынньы 16 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбата РФ Тутууга уонна ОДьКХ министиэристибэтин кытта сүрүн нэһилиэнньэлээх пууннарга олорор эйгэ хаачыстыбатын тупсарыы көрдөрүүтүн ситиһэр туһунан сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ.

«Бырагыраама бырайыага өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин уонна анал министиэристибэлэрин кытта ыкса үлэлэһэн оҥоһулунна. Билигин федеральнай бигэргэтии түһүмэҕэр сылдьар, ол кэнниттэн РФ бырабыыталыстыбатын иһинэн Эрэгийиэннэри сайыннарыы ыстаабыгар көрүүгэ ыытыллыаҕа», — диэн экэниэмикэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Докумуон үлэтэ түмүктэммитин кэннэ, бырагыраама Ил Дархан дьаһалынан бигэргэтиллэн, 43 тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарга инфраструктураны түһүмэхтээхтик саҥардыыга төрүөт буолуоҕа.

Сиһилии: https://www.sakha.gov.ru/news/9239

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: «Боотур» этэрээт байыастара өстөөх тааҥкатын эстэрдилэр

Балаҕан ыйын 13 күнүгэр "Боотур" иһинэн тэриллибит "БАРС-2" этэрээт байыастара бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан, дрону…

1 минута ago
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 17 күнэ: инчэҕэй хаар уонна ардах

Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар инчэҕэй хаары кытта ардах түһэрэ күүтүллэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Элгээйи оскуолата 150 сылынан Кутанаҕа диэри сатыы хаамыыны тэрийдэ

П.Х.Староватов аатынан Элгээйи оскуолата быйыл 150 сыла. Бу саас "Пеший поход: родные просторы" барылынан Арассыыйатааҕы…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Элгээйи саҥа балыыһатыгар киирдэххэ, куоракка сылдьар курдук сананаҕын

Элгээйи олохтоохторо өр кэтэспит  саҥа таас  балыыһалара быйыл үлэҕэ киирбитэ. Балыыһа уон киһи сытан эмтэнэр…

11 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөкүттэр аны омук сириттэн массыына аҕалабыт диэн албастаннылар

ИДьМ Мииринэй оройуонунааҕы полиция салаатыгар  түөкүттэргэ албыннатан  1 140 000 солк. суйдаппыт 39 саастаах Айхал…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Лабыкта доруобуйаҕа туһалаах

Лабыктаны аска-үөлгэ кутан сиир, оргуйбут итии ууга көйөрөн иһэр туһалаах дииллэр... Тумуу, кириип, сөтөл ыарыыта…

12 часов ago