Бүгүҥҥү туругунан Саха сиригэр 44 769,88 туонна үүт соҕотуопкаланна (былаантан 81,5 быр.). Бу туһунан Тыа хаһайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Нам улууһа былаанын 96,3 % толорон, инники күөҥҥэ таҕыста. Бу улуус 2 110,16 туоннаны соҕотуопкалаата. Кинилэр кэннилэриттэн Сунтаар улууһа (5 465,63 туонна, 95,2%), Мэҥэ Хаҥалас оройуона (4 229,89 туонна, 93,1%), ону тэҥэ Дьокуускай куорат (2 432,67 туонна, 92,6%).
Дьокуускай куоракка уонна 20 оройуоҥҥа үүтү 44 соҕотуопкалыыр тэрилтэ тутар. Быйылгы былаан – 54 924 туоннаттан тахса үүт.
Өрөспүүбүлүкэҕэ үүтү соҕотуопкалааһыҥҥа 3,5 млрд солкуобайдаах субвенция көрүллүбүтэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, үүтү туттарааччыларга субсидия харчыта толору кээмэйинэн тиэрдиллибит.
Санатан эттэххэ, Саха сирин Ил Дарханын Айсен Николаев сорудаҕынан бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн үүт субсидията 1 киилэтигэр 60-тан 65 солкуобайга диэри үрдэтиллибитэ. Субсидияны улаатыннарыы кэнниттэн тутар сыана үүккэ 80 солкуобайга тэҥнэспитэ, итинтэн 15 солкуобайын пиэрмэрдэргэ соҕотуопкалыыр тэрилтэ төлүүр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулуупата
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электроыстаансыйа (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…