Саха сиригэр 45 урбаанньыт туризм сайыннарыытыгар субсидия ылла
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрията» национальнай бырайыак чэрчитинэн ааспыт сылга Саха сиригэр туризм инфраструктуратын сайыннарар бырайыактарыгар 196,28 мөл солк. федеральнай субсидия көрүлүннэ. Бу туһунан урбаан, эргиэн уонна туризм миниистирэ Тимур Ханды иһитиннэрдэ.
Ол курдук, 67,7 мөл солк. суумалаах субсидияны Амма, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Сунтаар, Таатта, Хаҥалас уонна Дьокуускай куораттан 45 дьоҕус уонна орто урбаанньыттар ыллылар.
Итиэннэ Тимур Ханды бэлиэтээбитинэн, 2024 сылга Арассыыйа экэнэмиичэскэй сайдыыга министиэристибэтэ «Туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустрията» национальнай бырайыак чэрчитинэн туристическай бырайыактары олоххо киллэриигэ 27 мөл солк. суумалаах биир кэлим субсидия биэрэргэ быһаарыы ылбыт.
2024 сыл бастакы аҥаарыгар биир кэлим субсидияны араарарга эрэгийиэннээҕи куонкурус ыытыллыаҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: