Саха сиригэр 5-6 бааллаах сир хамсааһына буолла
17.06.2025, 14:21

Хаартыска: Оҥоһуу өй оҥордо
Бөлөххө киир:
ЯСИА суруйарынан, бэс ыйын 16 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 16:36 чааска Саха сиригэр 5-6 бааллаах сир хамсааһына бэлиэтэммит.
Бу туһунан ЯСИА-ҕа РАН Геофизическай сулууспатын Саха сиринээҕи салаатын дириэктэрэ Сергей Шибаев иһитиннэрбит.
Сир хамсааһына Депутатскайтан 81 км уонна Сайылык сэлиэнньэтиттэн 28 км сиргэ арҕаа өттүгэр бэлиэтэммит. Магнитудата — 4 баалл, дириҥэ — 10 км.
Бу иннинэ муус устар 14 күнүгэр Саха сирин соҕуруу өттүгэр 5-6 бааллаах сир хамсааһына буолбута биллибитэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: