Саха сиригэр 50, 60 эбэтэр 70 сыл холбоһон олорбут ыалларга 50 тыһ. солк. ананыаҕа

Share

Ил Түмэн көрүүтүгэр норуот дьокутааттара дойдуга Дьиэ кэргэн сылыгар  Саха сиригэр өр кэмҥэ ыал буолан холбоһон олорбут дьиэ кэргэттэргэ биир кэмнээх аадырыстаах төлөбүр аныырга сокуон барылын оҥорон киллэрдилэр.

Докумуоҥҥа быһаарылларынан, саҥа сокуон барыла дьиэ кэргэн үнүстүүтүн бөҕөргөтөр, элбэх көлүөнэлээх дьиэ кэргэн оруолун уонна суолтатын үрдэтэр, үгэс быһыытынан ыал буолуу сыаннастарын киэҥ маассаҕа тарҕатар, үүнэр көлүөнэни духуобунас уонна майгы өттүнэн иитэр, дьиэ кэргэттэр социальнай көхтөрүн күүһүрдэр инниттэн ырытан оҥоһуллубут. Сокуон барыла Ил Түмэн саайтыгар таҕыста.

Чуолаан, сокуон барылынан кэргэннии дьоҥҥо эрдии-ойохтуу буолууларын судаарыстыбаннайдык регистрациялаабыт күннэриттэн ыла 50, 60 эбэтэр 70 сылларынан сибээстээн биир кэмнээх 50 000 солк. харчынан төлөбүр ананыаҕа.

Бүгүҥҥү күҥҥэ дойду 19 субъектарыгар эрэгийиэннээҕи сокуоннарынан уһуннук бииргэ олорбут кэргэнниилэргэ социальнай өйөбүл дьаһаллара, ол иһигэр харчынан төлөбүрдэр олохтоммуттара биллэр.

Саха сиригэр статистика дааннайынан гражданскай турук аахталарын суруйуу уорганнарыгар регистрациялаах эрдии-ойохтуу буолан 50, 60 уонна 60 тахса сыл бииргэ олорбут дьиэ кэргэн ахсаана быйыл маннык: 50 сыл — 280, 60 сыл — 58, 60 тахса сыл – 52.

Сокуон барыла ылылыннаҕына, бу сыл от ыйын 8 күнүттэн олоххо киириэҕэ. Бу бырааһынньык күн дойдуга Дьиэ кэргэн, таптал уонна итэҕэл күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл бу күн бэнидиэнньиккэ түбэһэр.

Санаттахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин дьаһалынан сэттис (уочараттаах) пленарнай мунньаҕа Дьокуускай куоракка бэс ыйын 18-19 күннэригэр олохтоох бириэмэнэн 10 чааска ыытыллыаҕа.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

Тустуук Лев Павлов аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылла

Лев Павлов көҥүл тустууга юниордар истэригэр аан дойду чөмпүйэнээтигэр үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситистэ. Кини…

26 минут ago
  • Сүрүн

Балаҕан ыйын 8 күнэ: ардах, хаар, тоҥоруу

Бүгүн, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, Саха сирин соҕуруу, хотугулуу-илин, күнүс арҕаа улуустарыгар сорох сиринэн ардах,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Никита НТВ ыытааччытын сөхтөрдө

Бүгүн НТВ ханаал  “Чудо” биэриитигэр Сунтаар улууһун Элгээйи орто оскуолатын үөрэнээччитэ, эдэр орнитолог, 11 саастаах…

12 часов ago
  • Сонуннар

Лука Петров Улахан Табаҕаны туһаҕа таһаарыыга ураты өҥөлөөх киһи

Аҕыйах хонуктааҕыта Сунтаар улууһун Куокуну нэһилиэгэр Улахан Табаҕа киэҥ нэлэмэн, үрдүк үүнүүнү биэрэр бааһыната талах…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хотойдуу тумустаах мас акка тиийэ

Оҕо барахсан хайа да кэмҥэ арахсыспат аргыһа – оонньуур буоллаҕа. Онон “Наука 0+” билим бэстибээлин…

14 часов ago
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ититии сезона балаҕан ыйын 9 күнүттэн саҕаланыаҕа

Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар ититии сезона саҕаланан эрэр. Мэҥэ Хаҥалас улууһун пресс-сулууспата дьаһалта телеграм-ханаалыгар иһитиннэрбитинэн,…

14 часов ago