Үөрэх кэмэ түмүктэнэрэ чугаһаата. Төрөппүттэр сыыйа оҕолорун тугунан дьарыктыыр, ханна, хайдах сынньатар туһунан толкуйдаан эрэллэр. Оҕолоро кылгас сайыны туһалаахтык атааралларыгар, күүс-сэниэ эбинэллэригэр баҕараллар. Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 500-тэн тахса лааҕыр үлэлиирэ былааннанар.
Аҕыйах хонуктааҕыта оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиинэн биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньаҕа буолан ааспыта. Күн бүгүн муниципальнай тэриллиилэр уонна куорат уокуруктара оҕону сынньатыыга, чэбдигирдиигэ быйыл сайын аһыллара былааннанар реестрдэри чөкөтөр үлэни ыыта сылдьалларын иһитиннэрбиттэрэ, муус устар 1 күнүгэр диэри чопчуланыахтаах. Былырыын барыта 534 лааҕыр үлэлээбит эбит буоллаҕына, быйыл 540-тан тахса аһыллыаҕа диэн сабаҕалыыллар. Уонна былырыыҥҥытааҕар өрөспүүбүлүкэ таһыгар, холобур байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро сынньана барыылара эбиллиэҕэ диэн этиллибитэ.
Маны таһынан, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ күнүнэн аҕыйах чаас оҕолору ыҥыран дьарыктыыллар, эрчийэллэр, экскурсиялары ыыталлар. ИДьМ иитинэн араас былаһааккалары тэрийэллэр. Волонтердар хамсааһыннара үлэлииллэр. Бу көрүҥүнэн сыллата барыта 55 тыһ. тахса оҕону хабаллар.
Саха сирин тас өттүгэр быйыл, уопсайа, 2000 курдук оҕо доруобуйатын бөҕөргөтүөхтээхтэр. Сорохторо “Артек”, “Океан”, “Орленок” курдук федеральнай кииннэргэ, атыттар Краснодарскай кыраай лааҕырдарыгар сынньана барыахтара. Маны тэҥэ, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолорун Сочи лааҕырдарыгар ыытыахтара.
Саха сирин оҕолоро “Артек”, “Океан” курдук өрөспүүбүлүкэ тас өттүнээҕи лааҕырдарга сылы эргиччи сынньаналлар. Федеральнай лааҕырдарга, кииннэргэ сынньанарга оҕолор чопчу баалы ылбыт буолуохтаахтар. Ол эбэтэр, сайаапканы толорорго дойду, өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттыыга ситиһиилэрин ыйар ирдэнэр. Маныаха хас биирдии кыраамата тус-туспа киритиэрийдэринэн арахсан баал туруоруллар.
Байыаннай дьайыыга кыттар дьон дьиэ кэргэнин өйүүр федеральнай даҕаны, өрөспүүбүлүкэ да иһинээҕи кэккэ миэрэлэр үлэлииллэр. Кинилэр оҕолоро өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баар лааҕырдарга сынньаныахтара, туһааннаах ыйаахха аҕыйах хонуктааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата.
“Былырыын төрөппүттэр уонна сокуоннай бэрэстэбиитэллэр оҕолорун өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр сынньатар туһунан баҕа санааларын биллэрбиттэрэ. Бу санаалара учуоттанна” диэн докумуон бырайыагын оҥорбут Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
“Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн байыаннай дьайыы кыттыылааҕын, уопсайа, 3 тыһ. оҕотун сынньатар сорук турар. Быйыл сайын 900-чэ оҕо Сочи лааҕырдарыгар сынньаныахтаах. Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай лааҕырдарыгар – “Сосновай Бор”, “Энергетик”, “Дружба” (өрөспүүбүлүкэтээҕи интэринээт-тиэхиньикум иһинэн тэриллиэхтээх) лааҕырдарга, “Чэбдик” санаторийга 700-тэн тахса оҕону хабыахтара. Ону таһынан, миэстэтигэр сынньалаҥы, доруобуйаларын бөҕөргөтүүнү тэрийэллэригэр анаан уонтан тахса мөлүйүөн солкуобай үп тыырыллыбыта.
СЫЫППАРАЛАР
540-тан тахса
– сайыҥҥы лааҕыр арыллара сабаҕаланар:
420 – күнүскү лааҕыр
45 – куорат таһынааҕы хонуктаах
45 – үлэ уонна сынньалаҥ лааҕыра
31 – палаточнай
50 тыһ. оҕону хабар былааннанар.
Эрдэ испииһэккэ киирбит түгэннэригэр Үөрэх управлениетыгар эрэ бигэргэтиини ааһаллар. Саҥа суруйтарааччылар Элбэх хайысхалаах кииҥҥэ (МФЦ) тиийэн сайаапкаларын биэрэллэр”, – диэн Ресурснай киин сынньалаҥы, чэбдигирдиини тэрийиигэ салаатын салайааччыта Светлана Васильева быһаарар.
Ити курдук, Саха сирин тас өттүнээҕи, өрөспүүбүлүкэ, улуус, куорат иһинээҕи лааҕырдарынан, санаторийдарынан барыларын хабыахтаахтар.
Санатан эттэххэ, былырыын тэрээһиннээх сынньалаҥынан уонна доруобуйаны чэбдигирдиинэн 1823 оҕо туһаммыта, итинтэн судаарыстыбаннай лааҕырдарга – 346 оҕо, муниципальнай лааҕырдарга – 1477.
Тыйыс айылҕалаах Арктика оҕолорун номнуо үһүс сылын анаан-минээн Саха сирин тас өттүнээҕи лааҕырдарга ыытан сынньатыы үлэтэ былааннаахтык барар. Арктика оҕолоро “Арктика зоналарын улуустарын сайыннарыы” бырагырааманан федеральнай субсидия суотугар олорор сирдэриттэн сынньанар сирдэригэр диэри уонна төннөр айаннарын ороскуота олоччу төлөнөр. Онон бу улуустар оҕолоругар бэртээхэй бырагыраама үлэлиирин бэлиэтиир оруннаах.
Кэлин дьон өҥө араас хайысхатын тутуһан, бэйэтэ дьыала тэринэн үлэлиир түгэнэ элбэх. Оскуола саастаах оҕолорго аналлаах дьарыктары хото тэрийэр буоллулар. Биирдиилээн да буоллар, лааҕыр арыйан үлэлэтиэн баҕарар дьон баар. Ол эрээри, бу кэккэ ирдэбиллэрдээх, ылбычча үлэлэтэн барар хайдах даҕаны табыллыбат. Реестргэ бары ирдэбилгэ эппиэттиир санитарнай-эпидемиологическай, куттал суох буолуутун хааччыйар, баһаартан сэрэхтээх буолууга түмүктээх, о.д.а. лааҕырдар хапсаллар.
Светлана Васильева, Ресурснай киин сынньалаҥы, чэбдигирдиини тэрийиигэ салаатын салайааччыта:
– Лааҕыр арылларын туһунан бирикээс номнуо олунньуга ыытыллыбыта. Күнүскү лааҕыры тэрийиигэ сайабылыанньаларын, СЭС түмүгүн олунньу 25 күнүгэр диэри туттарбыттара. Куорат таһынааҕылар, палаточнайдар уонна үлэ, сынньалаҥ лааҕырдара муус устар 15 күнүгэр диэри биэрэллэр. СЭС, баһаарынай, куорат таһынааҕыга куттал суох буолуутун хааччыйыыга, аһылык блогун өттүгэр, мэдиссиинэ көрүүтэ ирдэнэр. Нэһилиэк иһинээҕи лааҕырдары арыйарга, бастатан туран, улуустааҕы үөрэх управлениеларын уонна олохтоох Роспотребнадзору кытта үлэлэһэллэр. Биһиги лааҕыр ахсаана элбиириттэн үөрэбит эрэ.
Туох докумуон ирдэнэрин, оҕолор сайаапкаларын хайдах суруйаллара, уо.д.а. ыйыылары-кэрдиилэри биһиги Саха отдых детей РФ порталбытыгар көрүөхтэрин сөп. Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын уонна доруобуйатын чэбдигирдиини тэрийии туһунан +7 800-550-14-21 нүөмэринэн ыйыталаһыахтарын сөп.
Хаартыскалар: СИА
Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…
Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…
ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…