Саха сиригэр 6 федеральнай уонна 4 өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах мууһунан суол үлэлиир

Саха сиригэр бүгүҥҥү туругунан 51 мууһунан айан суола баар. Онтон бүгүҥҥү күҥҥэ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин дааннайынан 48 өрүһүнэн айан суола туһаныллар.
Сырыы үгүстүк субуллар сирдэринэн федеральнай суолталаах мууһунан туоруур 40 т диэри көҥүллэммит сирдэринэн буолаллар:
Бүлүү өрүһүнэн: Үөһээ Бүлүү сэл. – Хоро сэл., Ньурба к. – Күндээдэ сэл., Устье сэл. – Сунтаар сэл., Кириэстээх сэл. – Мииринэй к.;
Өлүөнэ өрүһүнэн: Дьокуускай куорат – Аллараа Бэстээх бөһ.;
Алдан өрүһүнэн: Хаандыга – Мэҥэ Алдан;
Онтон өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах мууһунан туоруур суолларынан буолаллар:
Амма өрүскэ 30 т диэри: Амма сэл. – Уус Маайа сэл.;
Өлүөнэ өрүскэ 40 т диэри: Хатас сэл. – Павловскай сэл.;
Алдан өрүскэ 30 т диэри: Уус Маайа сэл. – Эльдикан бөһ.;
Өлүөнэ өрүскэ 30 т диэри: Хаҥалас сэл. – Суотту сэл.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: