Саха сиригэр 629 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ кубуотанан үлэнэн хааччылыннылар

Share

2024 сылга Саха сиригэр олохтоммут кубуотанан 629 анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэрэ 349 тэрилтэҕэ үлэнэн хааччылыннылар. Бу туһунан тохсунньу 14 күнүгэр брифинг кэмигэр Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ  Николай Иванов иһитиннэрдэ.

«Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмититэтин бирикээһинэн анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэрин үлэҕэ киллэриигэ кубуота 446 тэрилтэҕэ олохтонно», – диэн бэлиэтээтэ Николай Иванов. Кини иһитиннэриитинэн, кэнники 2 сылга Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин лииньийэтинэн 397 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна дьиэ кэргэттэрин чилиэттэрэ  үлэнэн хааччылыннылар, үөрэхтээһининэн 154 бойобуой дьайыы бэтэрээнэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэрэ хабылыннылар. 2025 сыл саҕаланыытыгар Дьарыктаах буолуу киинигэр 39 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна 36  дьиэ кэргэттэрин чилиэттэрэ учуокка тураллар. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииннэрэ үлэ дьаарбаҥкатын тэрийэн ыытыллар, консультациялааһыннары, психологическай өйөбүллэри оҥороллор. Барыта 5 үлэ дьаарбаҥката уонна 16 мини-дьаарбаҥка  ыытыллыбыт. Бүгүн Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ, Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ гражданнар уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин  тус дааннайдарын кытта үллэстиигэ хардарыта бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһиигэ илии баттастылар.

Санатан эттэххэ, Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр эйэлээх олоххо төннөн кэлбит байыаннай дьайыы  кыттыылаахтарыгар социальнай адаптациялааһын боппуруоһа биир сүрүн соругунан ааттаабыта. Байыаннай дьайыы  кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэттэрин дьарыктаах буолуу боппуруостарыгар биир кэлим нүөмэринэн консультациялыыллар: 122 ( 7).

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

60 саастаах дьахтар кумааһынньыктаах харчыны уорбут

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дьуһуурунай чааһыгар Дьокуускай куорат олохтооҕо кумааһынньыктаах харчытын уордарбытын туһунан биллэрбит.…

8 минут ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн өлбүт киһини буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

30 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээтэ

Саха сиригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээбит. Ити…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сэргэх тэрээһин суоттулары түмтэ

Суоттуга "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр (сал. Гоголева Е.Н.) "Старые песни о главном" тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Балыыһаларга 331 көлө ылыллыбыт

"Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак олоххо киириэҕиттэн, Саха сирин балыыһаларыгар анаан уопсайа 331 көлө ылыллыбыт. Ол…

3 часа ago