Саха сиригэр 7 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр

Саха сиригэр ойуур баһаарын сезона саҕаланыаҕыттан уопсайа 156 964 га иэннээх сиргэ 315 ойуур баһаара умуруорулунна диэн СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Бүгүн сарсыардааҥҥы туругунан Бүлүү, Кэбээйи, Ленскэй, Мииринэй, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар 1087 га иэннээх сиргэ 7 ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр.
Баһаардары умуруорууга 432 киһи, 4 тиэхиньикэ үлэлиир. Баһаар тахсаатын 62% тута умуруоруллар. Бүгүҥҥү туругунан Мииринэй уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар уопсайа 2,6 га иэннээх 2 ойуур баһаара умуруорулунна. Сезон саҕаланыаҕыттан 73 айылҕа баһаарын таһаарбыт буруйдаах дьон быһаарыллан, 151 боротокуол оҥоһуллубут.
Ыксаллаах быһыы-майгы ураты эрэсиимэ Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Чурапчы уонна Эбээн-Бытантай оройуоннарыгар уонна Жатайга олохтоммут.
СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ ойуурга баһаар турбутун көрдүгүт даҕаны 8-800-100-94-00 нүөмэргэ эрийэн тыллыылргытыгар көрдөһөр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: