Хаартыска: ЯСИА.
Саха сиринээҕи Социальнай пуонда салаата 2025 сыл саҕаланыаҕыттан 74 тыһыынчаттан тахса оҕо төрөппүтүгэр биир кэлим босуобуйаны анаата. Биир кэлим босуобуйаны анааһын сүрүн усулуобуйата ыал дохуотун таһыма буолар. Босуобуйа ыал орто дохуота тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына бэриллэр.
Ол аата, ыал уопсай дохуота ааҕыллыбыт кэмигэр кини чилиэннэрин ахсааныгар түҥэтиллэр уонна ылыллыбыт суума олохтоммут боруоктан намыһах буоллаҕына, төлөбүрү ыларга сайабылыанньа биэриэн сөп. 17 сааһыгар диэри оҕолорго эрэгийиэннээҕи оҕо олорор алын кээмэйигэр олоҕуран суоттанар. Эрэгйииэннээҕи тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээбитин учуоттаан, биир кэлим босуобуйа кээмэйэ ыал дохуотуттан тутулуктанан уларыйыаҕа:
Бастакы (хотугу) зонаҕа 15195-тэн 30390 солкуобайга диэри;.
Иккис зонаҕа (хотуттан ураты) 12727-тэн 25455 солкуобайга диэри.
Ону таһынан, баай-дуол баарын уонна атын да фактордарынан, холобур, ыалга улахан киһи дьарыга эмиэ учуоттанар. Быйылгы сылга уопсай Арассыыйатааҕы хамнас алын кээмэйэ 22440 солкуобайга тэҥнэһэр. Онон, хас биирдии үлэлиир кыахтаах ыал чилиэнин дохуота, дьарыктаах буолуу көрүҥүттэн тутулуга суох, 12 ый устата 89760 солкуобайтан итэҕэһэ суох буолуохтаах.
Бу быраабыла бэйэ дьарыктаах дьоҥҥо эмиэ сыһыаннаах. Урут бэйэ дьарыктаах киһи дохуот ылар кэмигэр регистрацияламмыт кэмиттэн пропорциональнайдык ый ахсаанынан быһаарыллара.
Саха сиригэр 9514 оҕо төрөөтө. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ 2014 сылтан нэһилиэнньэ ахсаана үрдүү турар Уһук Илин…
Саха сирэ хорсун-хоодуот дьонунан аатырар. Саха сирэ бэйэтин устуоруйатыгар элбэх дьоруойу бэлэхтээбитэ, олор истэригэр Аҕа…
Хата бу бэрт этии буолбут. Билигин киһиэхэ ханнык битэмиин тиийбэтин бэрэбиэркэлэтээри дьон хастыы да тыһыынчаны…
Мииринэй оройуонун суута Ленскэй оройуонун 39 саастаах олохтооҕун улахан уорууга буруйдаата. Буруйдаах киһи тралга суоппардаабыт…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Иванович Борисов туһунан “Саха сирэ” хаһыат саайтын нөҥүө…
Аҕыс уон сыл анараа өттүгэр, аан дойдуну аймаабыт, харах уута тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитэ…