Саха сиригэр 90 тыһ. туонна кэриҥэ от бэлэмнэннэ

Share

Быйылгы сүөһү аһылыгын бэлэмниир хампаанньа тигинэччи баран иһэр. От ыйын 31 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 105 тыһ. га охсулунна, 90 тыһ. туонна кэриҥэ от кэбиһилиннэ, ол эбэтэр уопсай былаантан 20 бырыһыана. Бу туһунан брифиҥҥэ тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров иһитиннэрдэ.  

Бүгүн оттуур сирдэргэ 8 тыһ. тыраахтар, 19 тыһ. киһи, 4,5 тыһ. механизированнай уонна сороҕо механизированнай звенолар үлэлии сылдьаллар.

“Кураанынан сибээстээн, Амма, Мэҥэ-Хаҥалас, Өлүөхүмэ, Таатта улуустарыгар судургута суох балаһыанньа буолан эрэр. Маны тэҥэ, сэттэ улууска мобильнай этэрээттэр тэрилиннилэр. Күн бүгүн 74 биригээдэ ходуһаҕа сылдьар. Мобильнай биригээдэлэр 35 тыһ. туонна сүөһү аһылыгын бэлэмниэхпит диэн былааннаабыттарыттан, бүгүн 650 туонната баар. Ити туруоруллубут соруктан 2 бырыһыаны ылар”, — диэн бэлиэтээтэ миниистир.

Артем Александров этэринэн, ааспыт сыллааҕы кур отун эбинэн, эрэгийиэн былаанын 97 бырыһыан толоруохтаах. Эрэгийиэҥҥэ бигэргэтиллибит былаан быһыытынан 435 тыһ. туонна от, 14 тыһ. туонна сенаж, 29 тыһ. туонна сиилэс бэлэмнэниэхтээх.

Санатан эттэххэ, от ыйын 11 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Таатта улууһугар ыыппыт сүбэ мунньаҕар Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр уонна муниципальнай оройуоннарга мобильнай биригээдэлэри тэрийэллэригэр уонна ыраах сирдэри оттуулларыгар соруйбута, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Саха сирэ» хаһыат бырааһынньыктааҕы нүөмэрэ: билгэһиттэр, Моҕой сылыгар төрөөбүттэр, тохсунньуну анаарыы

“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри,…

4 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ытык Күөлгэ саҥа оскуола аһыллыытын өрөгөйдөөх күнэ (видео)

Өрөспүүбүлүкэ салалтата кэнчээри ыччат киэҥ билиилээх-көрүүлээх буола үүнэн-сайдан тахсарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар,…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев дьоҕус уонна орто биисинэһи тупсарыыга тыл эттэ

Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…

46 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Билиэҥҥэ түбэспит уонна сураҕа суох сүппүт дьон оҕолоругар төлөбүр көрүллүөҕэ

Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…

2 часа ago
  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

2 часа ago